114 мөлүйүөн дохуоттаах дьокутаат кимий?

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ норуот дьокутааттара 2016 сыллааҕы дохуоттарын отчуоттаатылар. Ким төһө дохуоту аахсыбытын уонна туох баайдааҕын Ил Түмэн сайтыгар «Противодействие коррупции» диэн разделга киирэн көрүөххүтүн сөп. Оттон ааспыт сыллааҕы түмүгүнэн, ханнык дьокутаат саамай элбэх дохуоту аахсыбыт эбитий?

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

1 миэстэ. Ил Түмэн экономика, инвестиция, бырамыысыланнай бэлиитикэ бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, «Биир ньыгыл Россия» баартыйа чилиэнэ Виктор Федоров сыллааҕы дохуота 114 мөл. 108,6 тыһ. солк. тэҥнэспит. Бу да сырыыга саамай баай дьокутааттар испииһэктэрин саҕалааччынан буолла. 2015 сыллааҕы дохуота өссө элбэх этэ (136 мөл. 778 тыһ. солк.)

2 миэстэ. РЛДП баартыйа Саха сиринээҕи салаатын лидерэ Гаврил Парахин 2016 сыллааҕы түмүгүнэн, иккис миэстэҕэ таҕыста. Дохуота лаппа үрдээбит. 44 мөл. 38 тыһ. солк. (2015 сылга 32 мөл. солк.).

3 миэстэ. Матвей Евсеев сыллааҕы дохуота урукку сыллардааҕар аҕыйаан, үһүс миэстэҕэ түстэ. 2016 сыллааҕы үбэ-харчыта 41 мөл. 297 тыһ. солк. (2015 – 61 мөл. 148 тыһ солк.).

4 миэстэ. Аҕыйах эрэ хонуктааҕыта «Якутскэнерго» ПАУо генеральнай дириэктэрин дуоһунаһыттан босхоломмут Олег Тарасов сыллааҕы дохуота 37 мөл. 936 тыһ. солк. ааҕыллыбыт (2015 сыл – 42 мөл. 751 тыһ. солк.).

5 миэстэ. «Нижне-Ленское» ААУо генеральнай дириэктэрэ, норуот дьокутаата Иван Андреев дохуота эмиэ ботуччу. 2016 сыллааҕы дохуота 35 мөл.  587 тыһ. солк.

6 миэстэ. «АЛРОСА» АХ вице-президенэ Юрий Окоемов сыллааҕы дохуота 33 мөл. 757 тыһ. солк. (2015 сыл – 33 мөл. 46 тыһ. солк.) Ыйдааҕы дохуота, ортотунан, 2 мөл. солкуобайтан тахса.

7 миэстэ. «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Сергей Ларионов 18 мөл. 418 тыһ. солк. былырыын аахсыбыт.

Джип, катер, учаастак

[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-right» color=»blue» add_icon=»true»]Дьокутааттар уонна чунуобунньуктар сыллааҕы дохуоттарын эрэ буолбакка, хамсаабат баайдарын-дуолларын эмиэ отчуоттуур эбээһинэстээхтэр. Дьокутаат Иннокентий Васильев ойоҕунуун бас билэр биэс учаастактаахтарын таһынан, икки чааһынай дьиэлээхтэр, икки кыбартыыралаахтар, үс гараастаахтар, маҕаһыыннардаахтар. Александр Кошуков сэттэ учаастактааҕын уонна алта кыбартыыралааҕын отчуоттаабыт. «Авто-пааркалаах» дьокутааттар эмиэ бааллар. Холобур, Виктор Федоров Toyota Land Cruiser 200, Toyota Land Cruiser 76, УАЗ-29891, УАЗ «Трэкол-39041», BMW X5, LX 570 массыыналардааҕын таһынан,»Beyliner» катердаах, «Крым» тыылаах. Владимир Федоров бу сырыыга дохуота олох кыра. Сылы быһа 694 тыһ. солк. харчыны аахсыбыт. Оттон ойоҕо 15 мөл. тахса дохуоттаммыт. Кинилэр хастыы да учаастактаахтарын таһынан, хас да дьиэлээхтэр.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0