Бээтинсэ 13-һэ күн. Бу күнтэн тоҕо куттанабыт?

Бөлөххө киир:

Бүгүн — бээтинсэ 13-һэ күн. Бу күнтэн дьон куттанарын, улаханы былааннаабатын билэбит. Тоҕо буолуой?

Трискайдекафобия — бу бээтинсэ 13-һэ күнтэн куттаныыны ааттыыллар. Аан дойдуга тарҕаммытынан, бу күн сатамньыта суох күнүнэн биллэр. Бээтинсэ 13-һэ күҥҥэ аан дойду үрдүнэн 800 мөл. дуоллар харчы эргиирэ тохтуур эбит. Бу дьон куттанан маҕаһыыҥҥа сылдьыбатыттан, күүлэйдээбэтиттэн, бааҥҥа харчы укпатыттан буолар үһү.

Аан дойду историятын хасыһан көрдөххө, бээтинсэ 13-һүгэр араас түбэлтэ бөҕөтө буолбут эбит. Көннөрү түбэһэн хаалыы дуу, эбэтэр, кырдьык, бу күн куттаныахпытын куттанабыт дуу?

Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр, 1940 сыл балаҕан ыйын 13 күнүгэр ньиэмэс сэриилэрэ биэс буомбаны быраҕан, Букингемскай дыбарыаһы эстэрбиттэрэ.

1939 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Австралияҕа хаһан даҕаны буолбатах улахан баһаар саҕаламмыта. Манна 700 олорор дьиэ умайбыта, 71 киһи өлбүтэ, 575 га сир уокка былдьаммыта.

Уругвайтан Чилигэ көтөн испит сөмөлүөт алдьанан Анды хайаларыгар түспүт. Быыһыыр сулууспа уон хонук көрдөөн сөмөлүөтү булбатах. Арай, бу кэнниттэн 72 чаас буолан баран сөмөлүөт икки пассажира чугастааҕы сэлиэнньэҕэ кэлбиттэр, хаар анныгар өссө 16 киһи хаалбытын иһитиннэрбиттэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0