Бүгүн РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев 2018 сылга өрөбүл күннэри көһөрүү туһунан былааны бигэргэттэ.
edersaas.ru
Үлэ министиэристибэтэ бэлэмнээбит докумуонугар олоҕуран, Арассыыйа олохтоохторо үүнэр сылга Саҥа дьыл бырааһынньыгар уон күн – 2017 сыл ахсынньы 30-тан 2018 сыл тохсунньу 8-гар диэри – өрүөхтэрэ. Ону кытары олунньуга, кулун тутарга, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар уонна сэтинньигэ үстүү-түөртүү күн сынньаныахтара.
Уураах РФ бырабыыталыстыбатын сайтыгар таҕыста.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1