2032 сылга диэри экэниэмикэ сайдыытын Ил Түмэҥҥэ дьүүллэһиэхтэрэ

Бөлөххө киир:

2032 сылга диэри 2050 сылы өтө көрөн, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын барылын ахсынньы 7 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Стручков салалталаах Ил Түмэн норуодунай дьокутааттарын мунньаҕар көрдүлэр.  

edersaas.ru

Сахабыт сирин экэниэмикэтин сайдыытын барыла общественность ортотугар ырытыллан, сотору кэминэн Ил Түмэн профильнай кэмитиэттэрин дьүүлүгэр киириэҕэ.

СӨ экэниэмикэтин миниистирин солбуйааччы Василий Десяткин этэринэн, кэлэр алта сылга дойду бэрисидьиэнэ Владимир Путин ыйбыт ыйаахтарын олоххо киллэрэргэ болҕомто ууруллуо.

«2032 сылга Киһи хапытаалын кээмэйинэн биһиги аан дойду таһымыгар инники күөҥҥэ тахсар санаалаахпыт. Нэһилиэнньэ олоҕун таһыма уонна хаачыстыбата үрдээн, экономическай сайдыы күргүөмнээхтик барыахтаах», — диэн эттэ Алексей Стручков.

Ол боростуой киһи туох хапытааллааҕый? — диэн ыйыттахха, сотору кэминэн Саха сирэ аан дойдуга алмаас чаҕылынан эрэ буолбакка, IT ырыынагар улахан харчыны эргитэр саҥа бырайыактарынан биллиэхтээх. Тоһуттар томороон тымныылаах унньуктаах уһун кыһыны супту эдэр ыччат сылаас дьиэҕэ көмпүүтэр иннигэр олорон дьон олоҕун чэпчэтэр, илии үлэтин аҕыйатар саҥа автоматизированнай технологиялары айан таһаарыа.

Экэниэмикэ сайдыытын тосхоллоро историческай кэрдиис кэмҥэ 2022 сылга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ыкса ситимнээх гына оҥоһулуннулар. Бу кэмҥэ индустриальнай-сырьевой бырайыактар кыамталарын ылыахтара: Ленскэйдээҕи тиһиликкэ Саха сиринээҕи гааһы хостуур киин, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу улуустарыгар бырамыысыланнаһы, илин эҥээргэ хайаны байытыыны сайыннарыы, итиэннэ арктическай бырайыактар олоххо киириэхтэрэ.

2024 сылга бэрэсидьиэн ыам ыйынааҕы ыйаахтара социальнай-экономическай эйгэҕэ төһө туолбуттарын бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Сир баайыттан тутулуга суох экэниэмикэ өрө тахсан, нэһилиэнньэ дохуота үрдүөхтээх, тиийиммэт буолуу аччыахтаах. Ол курдук, 2022 сылга бу эйгэҕэ 10 тыһ. үлэ миэстэтэ тэриллиэхтээх. Уһук Илини биир кэлим сайыннарыы национальнай бырагыраамата эһиил балаҕан ыйыттан үлэлиэхтээх. Бу туһунан Василий Десяткин иһитиннэрдэ.

2032 сылга Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 400 сылыгар нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатынан уонна экономическай көрдөрүүтүнэн өрөспүүбүлүкэ бастыҥ эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киириэхтээх.

Социальнай-экономическай сайдыы барылын Ил Түмэн профильнай кэмитиэттэрэ көрбүттэрин кэннэ ахсынньы 19 күнүгэр уочараттаах пленарнай мунньахха дьүүллэһиэхтэрэ.

Экэниэмикэ тосхоллорун олоххо киллэрэргэ анал бырайыактыыр офис тэриллэн үлэлиэҕэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0