«Тыыннаах сибэккилэр» диэн саҥа клип таҕыста (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

Марианна Федотова-Намыына «Дьүөгэлэрим» диэн ырыатыгар дьахтар бу сиргэ аналын туһунан саҥа клип таҕыста. Ырыа Аграфена Павлова-Арыппыана тылларыгар, Намыына матыыбыгар суруллубут. Клип аата «Тыыннаах сибэккилэр» диэн, онон видеоҕа көстөр ромашка, мимоза, луук, алоэ дьахтар айылгытын бэлиэтииллэр. Манна араас идэлээх, майгылаах-сигилилээх кэрэ куолар олохторо ойууланар. edersaas.ru

Режиссер — Дмитрий Никаноров, продюсер — Наталья Лопатина, оператор-постановщик — Серафим Федоров, линейнэй продюсер — Елена Анисимова, менеджер — Ульйана Павлова. Сүрүн дьоруой уобараһын стилист Мария Давыдова, ырыаһыт уобараһын стилист Алла Борисова оҥордулар. Оруолларга: кыыс оҕону Лиза Лыткина, дьоруойдары Саха тыйаатырын артыыһа Ильяна Павлова оонньоотулар.

Клиби «КЭМВИДЕО» айар түмсүү уһулла. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0