«Айархаан» бөлөх «Russian World Music Awards 2019» бириэмийэ кыайыылааҕынан буолла

Бөлөххө киир:

“Айархаан” этно-бөлөх Арассыыйаҕа ыытыллар этничэскэй муусуканы толорооччуларга ыытыллар «Russian World Music Awards 2019»  соҕотох идэтийбит бириэмийэ кыайыылаахтарын ахсааннарыгар киирдэ.

edersaas.ru

Быйыл дьүүллүүр сүбэҕэ бастыҥтан бастыҥнар үлэлээтилэр. Ол курдук Польшаттан  Петр Пуцило (Globaltica World Cultures festival),  Испанияттан  Хуан Васкес, (Mundofonias араадьыйа, Transglobal World Music Chart), Германияттан Тино Грассель («Tomato Production» агентство), Голландияттан  Бастиаан Спрингер (Froots, Songlines мусукаалынай суруналыыһа), Францияттан Кристин Семба (Womex), Соҕуруу Кореяттан Хан Джи-Юнг (Jeonju Int’l Sori бэстибээл бырагыраамалыыр дириэктэрэ) уонна да атыттар.

Сэтинньи 11 күнүгэр Башкортостан киин куоратыгар – Уфаҕа кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин сиэрэ-туома ыытылынна. Ол курдук номинацияларынан кыайыылаахтары билиһиннэрэбит:

  • “Лучший этномузыкальный проект»  —  «Доброночь»;
  • “Лучший экспериментальный проект” — «Aйархаан»;
  • “Лучший аутентичный проект” — «Триголос»;
  • “Лучший новый проект” «Oдучу»;
  • “Приз зрительских симпатий” «Koленко»
  • “Лучший журналист” — Вадим Пономаре (Гуру Кен);
  • “За вклад в развитие этномузыки России” — «Хуун Хуур Туу».

Саха сирин Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга аатырда сылдьар “Айархаан” этно-бөлөҕү эҕэрдэлиибит.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0