Аймахтар (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьиэтигэр киирээт сүрэҕин туттубутунан, аан таһынааҕы олоппоско «лах» гына олорунан кэбистэ. Үөрэн-көтөн, саҥаран-иҥэрэн киирэр бэйэтэ бу сырыыга тугу да саҥарбата. Астаах суумкатын муостаҕа өйөннөрө уурда. Куукунаҕа иһиллэр-иһиллибэттик Маайыс ыллыыра иһиллэргэ дылы. Аан тыаһаабытын истибэтэ дуу, хайдах дуу – бэттэх тахсыбата. Итии муорустаах көстүрүүлэтин туппутунан, саалга баран иһэн Кирииһэ олорорун көрөн, соһуйан тоҕо түһэрэ сыста.
— Уой, хайдах тыаһа-ууһа суох киирэн кэлэҕиний, кэлбиккин биллэрбэккэ ылы-чып олороҕунуй? Киһини соһутан… Чуут көстүрүүлэбин тоҕо түһэрэ сыстым, — диэн, хараҕын муҥунан көрөн турда.
— їһы-һы, — Кирииһэ нэһиилэ иһин түгэҕиттэн ыган таһааран күлбүтэ дуу, мичээрдээбитэ дуу буолла. Уонна иһиллэр-иһиллибэттик туох буолбутун быһаара сатаата. – Кырдьыбыппын, Маайыас, кырдьыбыппын…
— Кирииһэ, туох буоллуҥ..? Киһини куттаамарыый, — диэт, көстүрүүлэтин төттөрү куукунатыгар илдьээт сүүрэн кэллэ. Оҕонньорун өйөөн-убаан туруоран саалаҕа киллэрэн дьыбааҥҥа сытыарда. Тас таҥаһын устан ыйаата, утуйар хостон сымнаҕас сыттык, чараас суорҕан таһааран сапта. Аргыый аҕай төбөтүттэн имэрийэ-имэрийэ сүүһүттэн сыллаан ылла: – Чэ, сыт, сынньан. Сылайбыккын быһыылаах. Баһаарга мин да барыам этэ…
— Эһинним-быһынным. Саас ылан иһэр быһыылаах. Кирилиэспин нэһиилэ дабайан таҕыстым ээ. Тоҕо бэрдэй, доҕор… – хамсыыр да кыаҕа суох буола сылайбытыттан бэйэтэ да соһуйан бэркиһии сытта.
— Бэҕэһээҥҥэ диэри сүүрэ сылдьыбытыҥ буолбат дуо, хайдах кырдьыаххыный..? Дабылыанньаҥ түспүтэ буолуо, — диэн, дабылыанньатын кэмнээтэ. Эмин иһэрдэн баран бодунуоска миинин аҕалан истэҕинэ:
— Ээйиис, улахан ыарыһахха дылы, аны ороҥҥо аһыам хаалбыт дии. Төттөрү илдьэн кэбис. Сынньана түһүөм, сыллыай, онтон аһаныллыа. Күүтэ түс… – диэт, нухарыйан, устунан утуйан хаалла.
Кэнникинэн бу курдук сылайара-элэйэрэ элбээн, бытааран нэһиилэ сылдьар буолла. Кирииһэ мөлтүөҕүттэн Маайыс уоппуска ылан кыра оҕону курдук көрдө-харайда. Балыыһаҕа киирэн, укуол эҥин ылан бөҕөргөтүнэ түһүөҥ этэ диирин, оҕонньоро туох да иһин буолуммат, хата, балыыһаҕа киирэр ыарыһах үһүбүн дуо диэн өһүргэнэр.
Маайыс Кирииһэтин кытары өйөһөн-убаһан олорбута сэттис сылыгар барда. Кирииһэ, эмээхсинэ өлбүтүн кэннэ, хас да сыл соҕотохсуйан, буорайан эрдэҕинэ, хата, табаарыстара оҕолоох эдэрчи дьахтары кытары билиһиннэрэн өрүһүйбүттэрэ. Оҕонньор күҥҥэ көрбүт соҕотох эмээхсинин Кисиэнньэтин оннугар төһө да эдэр дьахтары, Маайыһы киллэрдэр, дууһата бүүс-бүтүннүү Кисиэнньэтигэр: куруук ахтан-санаан, аймаһыйан ылар. Саатар, оҕоломмотохторо, иитэ да ылбатахтара. Кисиэнньэ барахсан кэмсиммитин иһин, ким сааһырбыт дьоҥҥо оҕо биэриэй… Суох. Өлөрүгэр Кирииһэтэ соҕотох хааларыттан улаханнык санаарҕаабыта, “сүрэҕиҥ сөбүлээтэҕинэ, биир эмэ дьахтары кэргэн ылаар” диэхтээбитэ. Онон Кисиэнньэ даҕаны оҕонньорун “соҕотоҕун суор-тураах курдук сорсуйан сылдьыан кэриэтин чэй кутан биэрэр киһилэнэн сөпкө быһаарыммыт” диэн үөрээхтээбитэ буолуо.
Арай аймахтара “эдэр дьахтар эйигин таптаан олорор үһү дуо, дьиэҕэр ымсыыран киирдэ ини” диэн аалаллар. Кырдьаҕас убайдарыгар биирдэ эмэ кэлэн көмөлөһүөхтэрин эбэтэр, хата чэй кутан биэрэр киһи көстүбүт диэн үөрүөхтэрин билиминэ, хайдах эмэ гынан санаатын түһэрбит киһи диэбиттии, “кырдьар сааскар кылыыһыт буолбуккун, тугуҥ эмиэ ойоҕой” диэн ыыстаан, сэмэлээн, ордугурҕаан бүтэрдилэр. Соҕотох кэмигэр алҕаска даҕаны биир эмэ киһи кэлэн көх-нэм буолбатаҕа. Төттөрүтүн, кинилэргэ Кирииһэ көмөлөһөр. Наар быстыбыт-ойдубут аатыран, ас буоллун, харчы буоллун – умналаһан курдары ыла эрэ олороллор. Киһитэ кини буолан, тугу да саҥарбат. Бырааттара, балыстара атахтарыгар туралларыгар, үөрэххэ, үлэҕэ киирэллэригэр сүүрэн-көтөн көмөлөспүтэ, сорох-сорохторун илдьэ олорон үөрэттэрбитэ. Ол үтүөтүгэр биир да киһи махтаммыта суох. Кирииһэ онуоха наадыйбат даҕаны. Хата, бу сап саҕаттан салҕанар олохпун оҥосто сатыырбар булкуспаттара буоллар диэн баҕа санаалаах.
Маайыс Кирииһэ халыҥ аймаҕар ыстыыр ыас буолбутуттан, «ыар баттык, таһаҕас, мэһэй» буолан киирэн биэрбититтэн арыт санаата оонньуур. Ити «сэриилииллэрин» төрүөтэ — Кирииһэ бэйэлээх бэйэтин дьиэтин былдьаһыга. Өлбүтүн кэннэ биһиги ылыахтаах дьиэбитигэр туора дьахтары киллэрэн олорто диэн. Маайыс кэнникинэн айаҕалыы сатаан, куһаҕан дьиэҕэ олорбуппут буоллар, ким даҕаны мэһэйдиэ суох этэ диэмэхтиир.
Ол да буоллар, Кирииһэ Маайыһын дьиэтигэр бэрэпиискэлии илик. Биирдэ сытан эрэ:
— Маайыас, баҕар, мин соторунан суох буолан хаалыам…, — диэн истэҕинэ, Маайыс ситэ саҥардыбата:
— Аньыы даҕаны, тоҕо суох буолуом эҥин диигиний… Миигин соҕотохтуу хааллараары гынаҕын дуо?! Эн бардаххына, мин хайдах да соҕотоҕун олорор кыаҕым суох.
— Эйигин бэрт түргэнник бу дьиэҕэ бэрэпиискэлии охсуохха баар этэ.
— Суох, суох… Мин эйигин кытары дьиэ туһуттан бииргэлэспэтэҕим. Олох ыараханын, мөкүтүн илэ харахпынан көрбүт, дьон куһаҕанын эппинэн-хааммынан билбит киһибин. Эр киһилии дурда-хахха буолуо, атаҕастыа, таҥнарыа суоҕа диэн эрэнэн, муударай өйгүн-санааҕын, үтүө майгыгын сүрэхпинэн сөбүлээн тахсыбытым, — дии-дии, Маайыс хараҕыттан уу-хаар баһан, Кирииһэтин илиитин ыга тутта.
— Тахсыбытым диэхтиигин даҕаны… Оҕом сыыһа, саахсабыт суох буолбат дуо, онон туох баҕарар буолан хаалыан сөп. Аймахтарым сүрдээх дьон. Ити кэлэр-барар аймаҕым диир чобуорхайар дьахтарым, дьиҥэ мин оҕом.., — диэн баран, чочумча саҥата суох сытта. – Ону Кисиэнньэ барахсан сэрэйээхтиир этэ. Аймахтарым кэлин билбиттэрэ. Кыыс миэхэ олох майгыннаабат, олох атын.
— Кыыһыҥ буоллаҕына… үчүгэй буолбатах дуо? – Маайыс киһитин сирэйин-хараҕын көрөн тохтоото. – Кини ону билэр дуо?
— Билэр. Билиэҕиттэн ыла аҕам диэн биир эйэҕэс тылы этэ илик. Онтон санаам түһэр. Кэллэҕинэ, көрдүүрүн эрэ билэр. Бу дьиэни ылаары мин өлөрбүн кэтэһэ сылдьар.
— Инньэ диэмэ. Төрөппүт кыыһыҥ буоллаҕа эбээт. Эн бардыҥ да мин бу дьиэттэн тахсан биэрэбин.
— Онтуҥ Алданыгар бэйэтэ дьиэлээх-уоттаах, биһигиннээҕэр кыахтаахтык олорор. Нууччалыы иитиилээх буолан, киһилии сиэр-майгы сыстыбатах киһитэ. Тулалыыр дьоно да оннук буоллахтара. Кииринньэҥ аҕата “олоро” сылдьыбыт киһи. Ийэтэ даҕаны дьону арааһынайдаан көрөр дьахтар, малынан-салынан сыаналыыр. Олоҕу көрүүтэ оннук. Онон сарсын баран саахсаланыахпыт. Ол кэнниттэн бэрэпиискэлэниэҥ. Бэйэҕэр үчүгэй буолуо. Кэм көмүскэллээх буолуоҥ буоллаҕа. Мин суох буолан хааллахпына, эйигин ким көмүскүөй…
— Кэбис, дьонуҥ туох эрэ диэхтэрэ.
— Туох да диэтиннэр. Кинилэр олохторо буолбатах. Хаарыан күммүтүн-ыйбытын бараан эрдэ-сылла саахсаламмакка сыыстарбыппыт. Кисиэнньэм өлбүтүн кэннэ, эҥин араас дьахтары бары сыбааттыы сатаабыттара. Ол миигин таптаан тахса сатыыллар үһү дуо, бары дьиэбэр эрэ дураһыйар этилэр. Арай бу эн эрэ, эдэр эрээригин, киһилии сиэргин сүтэрбэтэх, ыраас санаалаах киһигин. Туох кистэлэ кэлиэй, бастаан эмиэ ол дьахталлар курдук санаабытым. Онтон олорон истэхпит аайы санаам уларыйда. Эрдэ-сылла толкуйдамматахпыттан кэмсинэбин. Билигин олох ыарахан, киһи ылбычча дьиэ-уот атыылаһар кыаҕа суох.
Бу кэпсэтии кэнниттэн Кирииһэ эмискэ охтон суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыттаҕына, Маайыс түүннэри-күнүстэри утуйар утун умнан туран бүөбэйдээтэ. Оҕом үөрэҕэр туттуом диэн уура сыппыт харчытын барытын сыаналаах эмп атыыласта. Кэпсэтиһэн балыыһаҕа киллэрэн сытыарда да туһа тахсыбата. Бэйэтэ онно «дьиэлэнэ» сыста: күнүстэри-түүннэри оҕонньорун таһыттан арахпат. Ол тухары биир да аймаҕа кэлэн көмөлөспөтө, туох нааданый диэн ыйыталаспата. Маайыс собус-соҕотоҕун муҥнанна. Бэл, кыыһа кэлэ сылдьыбата. Оҕонньор ол кыыһын кэлиэ да диэн эрэммэт: «Дьэ, көрөөр, өлбүтүм кэннэ кэлиэҕэ», — диэмэхтиир. Хам-түм тыаҕа олорор аймахтара кэлэ сырыттылар.
Кирииһэ эппитин курдук, кыыһа аҕата өлбүтүн истээт, туох да буолбатаҕын курдук, тимир-тамыр туттан тиийэн кэллэ. Хара маҥнайгыттан «сэриилэһэрдии» сананан нуучча эрин, аҕата аймаҕын киһини соһон кэлбит. Тахсыбатаҕына, күүспүтүнэн да таһаарыахпыт диэбиттэр быһыылаах. Кэлбиттэригэр Маайыс барахсан: «Тулуйа түһүҥ, сарсын тоҕус хонуга буолар. Доҕотторо, бииргэ үлэлээбит дьоно, аймахтара эҥин кэлиэхтэрэ. Олору аһаталаан баран, дьиэттэн тахсан барыам», — дии-дии сээкэйин хомуна сырытта. Дьахтар Маайыс ити этиитин үөрэ иһиттэ быһыылаах: тута сирэйдиин-харахтыын уларыйа түстэ. Буолары-буолбаты кэпсээбитэ-ипсээбитэ буолла. Маайыс ол дьахтар ыаһаҕын эрэ истибэт. Эркиҥҥэ ыйанан турбут Кирииһэтин хаартыскатын кууһан олоро түһэн баран, имэрийэ-томоруйа чымадааныгар ылан уктан кэбистэ. Дьахтар өссө тугу уктар эбитий диэбиттии манаан олордо.
Сарсыныгар, тоҕус күнүгэр, бииргэ үлэлээбит дьоно, үөрэммит доҕотторо кэлэ сырыттылар. Кэлбит киһи барыта чугас аймахтарыгар, кыыһыгар кутурҕаннарын биллэрдилэр. Арай чугас доҕотторо Маайыска чугаһаан кэпсэттилэр. Дьон тарҕаспытын кэннэ аймахтар бэйэлэрэ эрэ хааллылар. Маайыс туран бараары гыммытыгар, тыаттан киирбит Кирииһэ кырдьаҕас эдьиийэ, быраатын кэнники олоҕор эдэр дьахтар киирэн үйэтин уһаппытын, бүтэһигэр диэри көрөн-истэн сылдьыбытыгар махтанан туран дьиэҕэ хааларыгар, кинилэргэ аймах буолан салгыы сылдьарыгар этии киллэрдэ. Инньэ диэн этиэхтэрэ эрэ диэн кэтэспэккэ олорбут дьон соһуйан ах баран хааллылар. Сорох аймахтара тута сөбүлээбэтэхтэрин биллэрдилэр. Оҕонньор кыыһа ойон туран: «Мин аҕам дьиэтигэр өссө туора дьахтары олордоору гынаҕыт дуо?», — дии-дии, ыһыы-хаһыы үлүгэрэ буолла. Онуоха аҕам саастаах киһи туран: «Аҕаҥ кэргэнин сүтэрэн хас да сыл соҕотох олороругар, кэлин ыалдьарыгар көрбөккө-истибэккэ ханна сылдьыбыккыный. Саатар, биирдэ эмэ кэлэн чааскытыгар уу кутан, таҥаһын сууйан биэрбитиҥ дуо? Суох! Ол кэннэ биир эмэ киһи саҥаран көрүҥ эрэ. Биһиги Кирииһэбитин кытта, чахчы сүрэҕинэн сөбүлэһэн олорбут дьахтарга махтаныах тустаахпыт. Күннэтэ сууйан-сотон, ыраастаан олорбут дьиэтэ – кини сокуоннай дьиэтэ. Ону ким да былдьаһар бырааба суох», — диэн баран, аймахтарын барыларын хомуйан илдьэ барда.
Дьиэ иһэ эмискэ уу-чуумпу буолан хаалла. Маайыс, чочумча дөйөн олорбохтуу түһэн баран, ис-иһиттэн ылларан марылаччы ытаан барда. Онтон иһиттэҕинэ, ханна эрэ саастаах дьахтар саҥата иһиллэргэ дылы гынна: «Тоойуом, Маайыс, ытаама. Аһара санааҕын түһэримэ. Кирииһэ манна миигинниин этэҥҥэ сылдьар. Эн эдэргин. Олоххун оҥостуоҥ. Ханна да барыма, дьиэҕэр олор. Биһиги эйигин араҥаччылыы, харыстыы сылдьыахпыт…», — диэт сүтэн хаалла. Маайыс: «Кисиэнньээ, Кисиэнньэ… Кирииһэбин… Чахчы даҕаны, Кирииһэҕиниин булустаххыт. Ол аата, Кирииһэ этэҥҥэ буоллаҕа», — диэн ботугураан ылла.

СИККИЭР (батсаап ситимиттэн ылылынна)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0