Айсен Николаев тас дойду миниистирин кытары көрүстэ

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ Москваҕа тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниистири Сергей Лаврову кытары көрүстэ.

“Миниистири кытары бэрт истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Сергей Викторович тутуу этэрээтинэн 1970 сыллаахха Саха сиригэр кэлэн  үлэлээбитин, ол кэми күндүтүк саныырын иһитиннэрдэ”, — диэн суруйар Айсен Сергеевич бэйэтин Инстаграмыгар.
Көрсүһүү кэмигэр Айсен Николаев Саха сирэ Японияны, Кытайы, Кореяны кытары үлэлэһиитин кэпсээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сирин дэлэгээссийэтэ Японияҕа баран инвестиционнай бырайыактарын көмүскээн кэлбитэ.
“РФ тас дойду дьыалаларыгар миниистирэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Япония, Корея, Кытай инвестордарын кытары үлэлэһиитин сэргээтэ, биһирээтэ. Салгыы министиэристибэни кытары “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууну тэрийиигэ, ыытыыга үлэлэһиэхпит. Санатан эттэххэ, кыһыҥҥы “Азия оҕолоро” эһиил олунньуга Южно-Сахалинскай куоракка буолуохтаах. Салгыы 2020 сылга Монголияҕа, 2024 сылга Саха сиригэр ыытыллара былааннанар”, — диэн этэр Айсен Сергеевич.
Ону таһынан көрсүһүүгэ Ил Дархан Арктика сэбиэтигэр 2021-2023 сылларга Россия бэрэссэдээтэллиэхтээҕин, онно туох былааннар баалларын кэпсэттилэр. “Сергей Лавров биһиги киллэрбит боппуруостарбытыттан үгүһүн өйөөтө. Онон, мин санаабар, министиэристибэни кытары тэҥҥэ үлэлэһэрбит кэнэҕэскитин Россия тас дойдулары кытары доҕордоһуутугар төһүү күүс буолуоҕа”, — диэн этэр Айсен Николаев.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0