«Айылҕа харыстабылын бочуоттаах үлэһитэ» саҥа бэлиэ бигэргэннэ

Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа Экология уонна ураты харыстанар сир-уот сылын чэрчитинэн, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ «Айылҕа харыстабылын бочуоттаах үлэһитэ» биэдэмистибэннэй анал бэлиэни бигэргэттэ.

edersaas.ru


Анал бэлиэнэн тустаах министиэристибэ тэриллибитэ 23 сылынан уонна Аҕам саастаах дьон күннэринэн Кирилл Павлов (Саха АССР айылҕа кэмитиэтин отделын начаалынньыга (1988-1993 сс.), Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Валентин Архипов (Саха АССР айылҕа харыстабылын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы (1988-1992 сс.), СӨ экологияҕа уонна айылҕаны туһаныыга миниистирин 1-кы солбуйааччы), Николай Черемкин (РФ үтүөлээх эколога), Иван Кривошапкин (Мэҥэ Хаҥаластааҕы уонна илин эҥэрдээҕи айылҕа харыстабылын кэмитиэтин салайааччы, 1992-2001 сс.) наҕараадаланнылар. Наҕарааданы айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев туттарда.

Кылгас ыспыраапка

Бу анал бэлиэнэн айылҕа харыстабылын эйгэтигэр 15 сылтан кырата суох ыстаастаах, «СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна» уонна «Айылҕа харыстабылын бэтэрээнэ» анал бэлиэлээх СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин, тустаах министиэристибэ улуустааҕы тэрилтэлэрин уонна биэдэмистибэлэрин үлэһиттэрэ, исписэлиистэрэ наҕараадаланаллар.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0