Көмүстээх Алдан уонна Олоҥхо ыһыаҕа

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сирин: Алдаҥҥа, үп-харчы тиийбэтинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа быйыл буолбат, 2019 сылга көһөрүллүбүт үһү…, — диэн сурах-садьык толордо.

Дьон, ол аата, Алдан улууһа Ыһыаҕы тэрийэн ыытыыга эбии үбү булбатах буоллаҕа, диэн тойоннуур. Бу иннинээҕи сылларга Олоҥхо ыһыаҕын ыыппыт улуустар, эбии үбү-харчыны бэйэлэрэ буланнар, дьоһуннаахтык тэрийбиттэрэ биллэр.

Оттон өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин: “Алдаҥҥа Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллыбат диэн быһаарыыны бырабыыталыстыба ылымматаҕа”, — диэтэ, ол гынан баран, “Билигин, төһөлүү кэм буола-буола ыытылларын боппуруоһа быһаарылла сылдьар…”, — диэн эбэн эттэ.

«Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийэн ыытыыга 200-чэкэ мөл. солкуобай наада буолар. Бу киэҥ далааһыннаах, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин – Олоҥхо Ыһыаҕа ыһыллар сиригэр-дойдутугар саҥа эбийиэктэр тутуллаллар, хаппытаалынай өрөмүөн барар, суол оҥоһуллар – улуус олоҕор сэргэхсийии тахсар. Ол иһин олохтоохтор маннык тэрээһини ыытарга интэриэстээхтэр», – диэн бэлиэтиир Егений Чекин.

Олоҥхо Ыһыаҕын норуот кэтэһэр 

Ити икки ардыгар СӨ  Ил Дарханыгар Е.А. Борисовка, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлигэр Е.А. Чекиҥҥэ, Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт Бэрэссэдээтэлигэр М.Д. Гуляевка аадырыстаан, сурук сурулунна. Онно маннык этиллэр:  

 …2018 сылга элбэх араас омук түмсэн, сомоҕолоһон олорор көмүстээх Алдан куоратыгар ыытыллыахтаах 12-с Олоҥхо Ыһыаҕа улуу олоҥхоһут, бэйиэт, уопсастыбаннай деятель П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылга ананар.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Ыһыаҕы кэтэһэр, сөбүлээн сылдьар буоллулар. Ыһыаҕы атын омуктар, аан дойду дьоно сэҥээрэллэр. Олоҥхо саха норуотун олоҕор-дьаһаҕар, култууратыгар суолтата үрдээн, дириҥээн иһэрин былаас умнуо суохтаах, өйүөхтээх.

Онон Алдаҥҥа буолар 12-с Олоҥхо Ыһыаҕа, бэлэмнэнии үлэтэ бара турарынан сибээстээн, норуот кэтэһэрин быһыытынан, көһөрүллүө суохтаах, ыһыах дьону-сэргэни сомоҕолуур айылгылаах буоларын быһыытынан, ыытыллыахтаах диэн эрэнэбит”.

Сурукка Олоҥхо Ассоциация уопсастыбаннай  тэрилтэ бэрэсидьиэнэ Ф.В. Шишигина, СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинин салайааччыта А.Е. Захарова, ХИФУ Олоҥхо институтун дириэктэрэ В.Н. Иванов,  «Ийэ Кут» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта З.Г. Сысолятина, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ В.Г.Власов, “Арчы Дьиэтин” дириэктэрэ В.И.Бочонина, Олоҥхо Ассоциациятын вице-бэрэсидьиэнэ Е.Н. Протодьяконова, уо.д.а. илии баттаабыттар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0