Киһини өлүүттэн быыһаабыт Алина Сторожева

Бөлөххө киир:

2007 сыл. Ыам ыйын 8 күнэ. Уус Алдан улууһун Мүрү 1-кы №-дээх орто оскуолатын ахсыс кылааһын үөрэнээччитэ Алина Сторожева оскуолатыгар тиэтэйэр. Бүгүн ахсыс кылаастарга бастакы уруогунан математика буолар, онно бэрэбиэркэлиир үлэни суруйуохтаахтар. edersaas.ru

Алина дьиэтэ Бороҕон таһыгар турар Мындааба диэн сэлиэнньэҕэ баар. Суол ортотугар күөллээх буолан, олохтоохтор саас, күһүн ахсын муостанан туоруурга күһэллэллэр. Кыыс суолу тула көрбүтэ ким даҕаны суох, арай күөл биир өттүнэн дьахтар хааман иһэн охтон түһэр.

— Бастаан чалбахха суулунна быһыылаах диэн күлэ санаабытым. Онтон: “Быыһааҥ! Быыһааҥ!” – диэн хаһыытаабытыгар, тугу даҕаны толкуйдаабакка сүүрэн тиийбитим, — диэн Алина кэпсээнин саҕалыыр.

— Муус хайдыбыт буолан, дьахтар аттыгар наһаа чугаһаабакка эрэ, ханан киирэрбин толкуйдаан эргийэ сүүрэ сылдьыбытым. Саатар ураҕас уунуохпун аттыбар туох даҕаны суох. Ол быыһыгар суотабай төлөпүөммүнэн ыаллыы олорор дьоммор эрийэн, көмөҕө ыҥырбытым. Ууга түспүт дьахтарым номнуо төбөтө ууттан күөрэйэ-күөрэйэ сүтэрэ, хайдыбыт муустан тутуһа сатыы-сатыы көмөлөһө охсорбор көрдөспүтэ. Ол кэмҥэ аттыбытынан уол ааһан эрэр этэ, киниэхэ: “Кэл, көмөлөс”, – дии сатаабытым, көрбөтөҕө буола-буола баран хаалбыта. Онтон мууска сыттым уонна илиибин дьахтарга ууннум. Хап-сабар илиитин утары биэрбитэ, ону тардан, аны хонноҕун анныттан тардан баран дьахтарбар: “Муустан аанньын!” – диэт, ууттан тардан ылбытым. Ыалларым Винокуровтар кэлэ охсубуттара, суорҕаннаах, ураҕастаах сүүрэн кэлбиттэригэр наһаа үөрбүтүм. Онон кинилэргэ билиҥҥэ диэри махтана саныыбын. Миигин: “Чэ, үөрэнэ бар”, – диэбиттэрэ, сонум кыратык илийбит этэ даҕаны буоллар үөрэхпэр барбытым.

Оскуолабар тиийбитим, номнуо уруок буолан, хайыы үйэ бэрэбиэркэлиир үлэ саҕаламмыт этэ. Учууталбыт: “Тоҕо хойутаатыҥ?” – диэбитигэр, быһылаан туһунан кэпсээбиппэр итэҕэйбэтэҕэ, өссө кыратык мөҕүллүбүтүм быһыылааҕа. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбор кэпсээбиппэр итэҕэйбиттэрэ, оттон кылааһым салайааччыта күлэн кэбиcпитэ. Ол күн оскуолабыт дириэктэригэр ууга түспүт дьахтар эрийэн, быһылаан туһунан кэпсээбит этэ. Миигин ыҥыран ыланнар чиэстээбиттэрэ, махтаммыттара. Икки сыл ааспытын кэнниттэн, 2009 сыллаахха, Бэрэсидьиэн харыйатын кэмигэр Дмитрий Медведев ыйааҕынан “За спасение погибавших” диэн мэтээли туттарбыттара. Кэлин быыһаабыт дьахтарым бэйэбэр эмиэ махтаммыта, ол эрээри билигин билсибэппит. Быһылаан кэнниттэн оруобуна уон сыл ааспыт эбит. Ардыгар “арай ол быыһыы сылдьаммын бэйэм ууга түспүт буолуум” диэн санаалар киирэн ылааччылар. Быыһыы сүүрэрбэр бу туһунан толкуй өйбөр киирбэтэҕэ даҕаны. “Мин быыһыы сүүрбэтэҕим буоллар, баҕар, ол аттыбытынан хааман испит уол быыһыа эбитэ буолуо дуу?” диэн таайа саныыбын.

— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан экэнэмиис, инженер идэлээх киһи буолуохпун баҕарар этим. Онтон абитура кэмигэр үөрэхтэри көрө сылдьан, ХИФУ Горнай институтугар баар “ыксаллаах быһыы- майгы харыстабылын инженерэ” диэн идэни интэриэһиргээбитим. Онон докумуоннарбын бу үөрэххэ туттаран, этэҥҥэ үөрэхпин бүтэрэн, билигин идэбинэн Дьокуускайга үлэлии сылдьабын. Идэбин олус сөбүлүүбүн, сөпкө талбыт эбиппин. Баҕар, ол уонча сыллааҕы быһылааҥҥа түбэспэтэҕим буоллар, билигин атын идэлээх, атын олохтоох киһи буолуом этэ.

Айтана АММОСОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0