Аллараа Бэстээххэ баһылыктар түмүстүлэр

Бөлөххө киир:

Тыа сиригэр үлэнэн хааччыллыы сытыы боппуруостартан биирдэстэринэн буолар. Маныаха анаммыт сүбэ мунньаҕы СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ (сал. С.Москвитин) Аллараа Бэстээххэ ыытта.

edersaas.


Семинар көрүҥүнэн ыытыллыбыт мунньахха илин эҥээр уонна киин улуустар нэһилиэктэрин баһылыктара кытыннылар. Кинилэр СӨ Ил Дархана Егор Борисов “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр гражданнар сорох категорияларыгар социальнай өйөбүл туһунан” таһаарбыт Ыйааҕын дьүүллэстилэр.

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин үлэһиттэрэ туһааннаах ыйаах ис суолтатын быһаардылар. Элбэх оҕолоох уонна аҥаардас төрөппүттэри, инбэлиит оҕолоох төрөппүттэри, социальнай өттүнэн кыаммат дьону аадырыстаах өйөөһүнү үрдэтиигэ анаммыт ыйаах үгүс киһи интэриэһин тардыан тарта.

Биллэрин курдук, кэмитиэт үлэтэ суохтары үлэнэн хааччыйыыга араас тэрээһиннэри ыытар. Тыа сиригэр уопсастыбаннай үлэлэр иһин төлөбүр олохтонуутун киллэрэллэр. Ил Дархан ыйааҕар олоҕуран, үлэ көрдүүргэ ыарахаттары көрсөр дьону өйүүр сыалтан үбүлээһин кээмэйэ улаатар. Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы уонна Уус Алдан улуустарыттан  нэһилиэктэр баһылыктара тустаах исписэлиистэртэн интэриэһиргиир ыйытыыларыгар хоруйдары ыллылар.

Семинар чэрчитинэн, Саха сиригэр билигин үлэ ырыынагар балаһыанньа хайдаҕын кэпсээтилэр. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ уонна куорат, тыа сирин нэһилиэктэрэ сөбүлэһии  түһэрсэн, ол чэрчитинэн бииргэ үлэлиэхтэрэ.

Женни СТРЮКОВА, «Саха сирэ» хаһыат,   edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0