Алмаас аукционуттан 17 мөлүйүөн дуоллар киирдэ

Бөлөххө киир:

10,8 караттан ыарахан ыйааһыннаах улахан алмаастар аукционнарыгар Израильга хампаанньа 1906 карааттаах  күндү тааһы 17 мөлүйүөн дуолларга атыылаата.

edersaas.ru

«Аукцион бастакы сыанатын хас да төгүл куоһаран туран, Израильга улахан кээмэйдээх алмаас сырьетун быйыл уопсайа 90 мөлү­йүөн дуолларга батардыбыт», — диэн иһитиннэрэр бырабылыанньа чилиэнэ, «АЛРОСА ЕСО» ди­­риэктэрэ Евгений Агуреев.

Арассыыйа сокуонугар олоҕуран, бөдөҥ алмаастары аукцион эрэ быһыытынан атыылыыр көҥүллэнэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0