«Алмаасэргиэнбаан» «Берегиня» оҕо дьиэтин выпускницата финансист буоларыгар көмөлөһөр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Алмаасэргиэнбаан» Дьокуускайга «Берегиня» оҕо дьиэтин иитиллээччитэ ыра оҥостубут санаатын толороругар, финансовай-экэнэмиичэскэй кэллиэскэ үөрэххэ киирэригэр көмөлөһөр.  


Кыысчаан финансист буолуон баҕарбыта ырааппытын туһунан СИА суруйаллар. Докумуоннарын кэллиэскэ туттарбыт.

«Кини хайдах үөрэнэрин кэтээн көрүөхпүт. Производственнай быраактыкатын бааҥҥа барыан сөп. Үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, үлэ буларыгар көмөлөһүөхпүт», — диэн АЭБ уопсастыбаннаһы кытта сибээскэ Сулууспатын корпоративнай социальнай  эппиэтинэскэ хайысхатын салайар Наталья Миронова иһитиннэрбит. 

«2018 сыллаахха 203-с микро-оройуоҥҥа   «Алмаасэргиэнбаан» өйөбүлүнэн «Семья для ребенка» пуонда настаабынньыктар кииннэрин арыйбыта. Манна ким баҕалаах кэлэн оҕолорго тугу сатыырын, сөбүлээн оҥорорун көрдөрөн үөрэтиэн, настаабынньык да буолуон сөп», — диэн кэпсээбит.

«Выпускник» бырайыак «Алмаасэргиэнбаан» бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Людмила Николаева уонна «Семья для ребенка» пуонда бииргэ үлэлээһиннэринэн олоххо киллэриллэр. Маннык ылсан үлэлээһин оҕо дьиэтин выпускнига улахан олох аартыгар бигэтик үктэнэригэр, үөрэнэригэр, идэ ыларыгар улахан көмөлөөх диэн бэлиэтииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0