Аммаҕа 3 нэһилиэккэ саҥа баһылык талылынна

Бөлөххө киир:

Амма улууһугар 5 нэһилиэккэ баһылыгы, 7 нэһилиэккэ дьокутааттары таллылар. Улахан быыбар улуус киинигэр Аммаҕа буолла. Ити биир өттүнэн быыбарга өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэр спортсмеммыт, мадьыны Анатолий Баишев кыттыбыта киэҥ сэҥээриини ылла.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

Улуус киинигэр Аммаҕа уопсайа 7 киһи докумуон биэрбитэ. Кинилэртэн регистрация кэнниттэн икки кандидат уһуллубута. Партиялаахтартан Анатолий Баишев “Биир ньыгыл Россияттан” кыттыбыта. Онтон атыттар бары бэйэ туруорунуутунан киирсибиттэрэ. Быыбар түмүгүнэн, 59,19 % ылан Михаил Артемьев баһылыгынан талылынна, Анатолий Баишев 27,98 % ылла.
Оттон Абаҕаҕа быыбардааччылар 80,17 % (380 куолас) ылан Макар Тимофеев, Покровкаҕа (43,79 %) Олег Черкашин буоллулар. Икки нэһилиэккэ Сатаҕайга уонна Сулҕаччыга Семен Давыдов (70,83 % ылан), Афанасий Ксенофонтов (84,95 %) оннуларыгар хааллылар.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0