Аммаҕа саҥа уһуйаан дьиэтин туттулар

Бөлөххө киир:

Амма сэлиэнньэтин олохтоохторо иллэрээ күнтэн үөрүүлээх сонуҥҥа куустаран олороллор. Күүтүүлээх саҥа тутуулара олоххо киирдэ — “Хатыҥчаана” диэн 200 оҕо сылдьар 10 бөлөхтөөх уһуйаан үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Үйэ сайдыытыгар эппиэттиир, киһи көрөн сөҕүөх үчүгэй тутуута. Уһуйаан сэбиэдиссэйинэн Петрова Саргылана Гаврильевна үлэлиир.

Тас өттүттэн көрдөххө, сорох сиринэн үс этээстээх, сороҕо икки этээстээх оригинальнай тутуу.

Ыспыраапка

 

«Хатыҥчаана» уһуйаан.

2015 сыллаахха 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Бу уһуйаан сүрүн үөрэх программатын таһынан фонетика-фонематика сиппэтэх саҥалаах оҕолору сайыннарар недоразвитием речи.

Тутуу министерствотын исписэлииһэ эппитинэн, билигин Амма улууһугар оскуола иннинэ саастаах оҕолорорго аналлаах өссө түөрт объект тутулла турар. Ол иһигэр, чааһынай-судаарыстыбаннай кыттыһыы ньыматынан.

Маргарита Уварова, Эмис нэһилиэгэ, Амма улууһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0