Үтүө санаалаах Антон Васильев кэргэн ылан эрэр

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сирин саамай үтүө санаалаах уола Антон Васильев кэргэн кэпсэтэрин туһунан сонуну инста-сурутааччыларыгар кэпсээтэ.

Антон — Бүтүн Россиятааҕы “Я – гражданин” бириэмийэ номинана, биллэр уопсастыбанньык, бэйэтин баҕатынан күннэтэ бөх хомуйар, элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыалларга көмөлөһөр, араас аһымал бырайыактары тэрийэн үлэлэтэр. Бэйэтин холобурунан соҕотох да киһи элбэҕи оҥоруон сөбүн көрдөрөр. Бу хомуйбутун отчуоттаан күн аайы «Инстаграмыгар» таһаарар.

Бэҕэһээ Антон сурутааччыларгар кэргэн кэпсэтээрибин биһилэх сакаастаатым диэн, биһилэх хаартыскатын таһаарда. Ол эрээри, үтүө санаалаах уол таптыыр кыыһын хаартыскатын хаһан даҕаны дьоҥҥо көрдөрө илик. Киниэхэ сурутааччылара кыыһа кэргэн буоларыгар, сөбүлэһэригэр баҕардылар. edersaas.ru

https://www.instagram.com/p/Bnpmj1Al47Z/?taken-by=biggibiggibiggibiggibiggi

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0