Өймөкөөннүүр туһаайыыга ардах суолу эмиэ алдьатта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Дьокуускай Магадан хайысхатынан күүстээх ардах түһэн, «Халыма» федеральнай суол 764-с км  суолу эмиэ суурайан, ууну аһардар турба алдьанна.

Күбүмэ — Томтор туһаайыынан биэс сиринэн суол алдьанна.

 Саахалы туоратыыга үгүс өрүттээх үлэ ыытыллар. Күбүмэ суолугар Томтордоон иһэр 50-ча айаннааччы, ол иһигэр 10-тан тахса оҕо хаайтара сытарын истэн, «Өймөкөөн улууһа» МТ баһылыга Михаил Захаров «Хаҥалас» көмүсчүттэр тэрилтэлэрин салайааччыта Александр Карасьтыын кэпсэтэн, оҕолору Томторго бөртөлүөтүнэн тиэртилэр.

Хаайтара сытар дьоҥҥо бөртөлүөтүнэн иһэр ууну, аһы-үөлү тиэртибит. Күбүмэҕэ дьону урбаанньыт Андрей Фетисов бэйэтин кафетыгар аһатар.  Улахан дохсун ардахтартан хайа үрэхтэрэ дохсун сүүрүгүнэн муосталары, турбалары сууйдулар. Суолу оҥорооччулар айан суолун оҥорор тиэхиньикэлэри аҕалан, суолу өрөмүөннээн эрэллэр. Айылҕа күүһүн тута кыайбатыҥ чахчы. Онон «Халыма» федеральнай суол алдьаммытынан сибээстээн, айанньыттар Өймөкөөн туһаайыытыгар айанныыры тохтотоллоругар сүбэлиибит, — диэн санаатын үллэһиннэ улуус муниципалитетын баһылыга Михаил Захаров.

Атырдьах ыйа уонна балаҕан ыйа тохтоло суох түһэр ардаҕынан Тымныы полюһун олохтоохторугар сыл аайы уустук балаһыанньаны үөскэтэр. Инньэ гынан оттооһун хаамыытыгар да, айанныыр дьоҥҥо да бу кэмҥэ олус тыҥааһыннаах кэм үөскүүр. Онон улуус баһылыгыттан саҕалаан, айан суоппардарыгар тиийэ  уустук балаһыанньаҕа сылдьар дьон бэйэ-бэйэлэрин өйөстөхтөрүнэ эрэ табыллар.

Елена ПОТОЦКАЯ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0