Атаҕастабыл (КЭПСЭЭН)

Бөлөххө киир:

Альбина кыра оҕото ытаабытыгар аһатаары, кистээн эмиийин таһааран оҕотугар биэрдэ. Бу — иккис оҕото, Куочук диэн ааттаах. Кинилэр куораттан улууска айанаан иһэр таксиига олороллор. Аттыгар аҕыһын саҥа ааспыт Августина — бастакы эриттэн кыыһа утуйа сытар. Кыыс аҕата массыына саахалыгар түбэһэн, бу дойдуттан күрэммитэ үһүс сыла бу кыһын буолуохтаах.
— Уһаабыта 8-10 чааһынан тиийэр инибит, – диэн «Хайс» массыынаҕа биир эрээт инники олорор Гоша, Альбина саҥа эрэ, кэннигэр хайыһан сибигинэйэр. Гоша — Куочук аҕата.

Кинилэри Альбинка бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрэ билиһиннэрбиттэрэ. Гоша урут хаһан да ойохтоно сылдьыбатах, отутун ааһыар диэри сулумах сылдьыбыт, ыал мааны оҕото. Дьонноро баар-суох уолларын баҕатын толорон, куоракка дьиэ уонна массыына ылан биэрбиттэрэ. Ону таһынан ыйын аайы харчы ыытар буоланнар, Гоша ханна да үлэлээбэккэ, мээнэ күүлэй тэбэ сылдьыбыта. Олоҕун оҥостубатаҕа. Онтон, дьэ, ийэлээх аҕата сиэннэмиттэрин истэннэр, көрөөрү ыҥырбыттарын иһин бу айаннаан иһэллэр. Бэйэлэрин массыыналарынан барыахтарын, быйыл саас Гоша доҕотторун кытта пиибэлээн баран, ГАИ-ларга тутуллан, балтараа сылга уруулга олорор быраабын быстаран сылдьар.
— Бу уол хайдаҕа эбитэ буолла, айаны тулуйара дуу? Эдьиийэ муҥнаах отой тулуйбат ээ. Ити утуйа сытар буолан билбэккэ иһэр, – диир Альбинка кыыһын диэки таптаабытыы көрөн олорон.
— Кини тулуйара-тулуйбата миэхэ соччо наадата суох. Оннук диэн дьоммор бэйэм оҕобун илдьибэппин дуо? – диэн Гоша утуйа сытар кыыһы кынчарыйан ылла.
—Гош, эн тоҕо кыыһы наар саҥараҕын? Кини эйигин «паапа» диир ээ… Баһаалыста туоратымарыый оҕобун, – диэн онуоха ийэ киһи көрдөстө.
— Оҕобун?Онтон мин оҕобун эн оҕом диигин дуу? – диэн баран Гоша Альбинка харахтарын батары көрдө.
— Бүт эрэ Гош, хайдах буоллуҥ эн? Саатар, дьоннор баалларына тохтоо, – диэн Альбинка салгыы ааттаһа истэ.
—Ити кыыс хотуолаан ол-бу буоллаҕына, массыынаны тохтото сылдьаайаҕын. Киһини кыбыстыыга киллэрэн! – Гоша кытаанахтык көрдө, эргиллэн утуйардыы оҥоһунна. Массыына быыллаах трасса устун сыыйылыннаран истэ.

— Ийээ, хотуолаары гынным,  — диэн Августина кыыс ыскаабыт, уу-хаар баспыт хараҕынан көрөр, айаҕын саба туттар. Альбинка сиэбиттэн салапаан мөһөөчүгү хостоон таһааран кыыһыгар уунар. Кыыс салапааны ылаат, онно хотуолаан барда. Ону көрөн, иннигэр олорор саастаах эмээхсин суоппарга айдааны тарта.
Суоппар массыынатын тохтотто:
—Туох буолла, ким хотуолаата диигин ? – диэн кэннин хайыһан көрөр.
— Кыра кыыс хотуолаан эрэр диибин. Тахсан оҕоҕо салгынна сиэтиэххэ , – диир эмээхсин.
—Маннык айаннаатахпытына хаһан тиийэбит, дьэ,  — диэн мааны таҥастаах кыыс өс саҕа буолла.
— Хата, эн итиннэ олорор эбиккин дии. Миэстэҕин ити оҕоҕо да биэриэ этиҥ. Кэннигэр аһары хачайдыыр быһыылаах, — эмээхсин олуйсан барар.
—Мин харчы төлөөн айаныыбын ээ. Ол оҕолоох айанныыларыгар мин туох буруйдаахпыный? Онтулара өссө хотуолуур, – диир мааны кыыс.
Альбинка кыра уолун аҕатыгар туттаран, кыыһын илдьэ таһырдьа таҕыста. Таһырдьа кыыс аҕыйахта өҕүйэн ылан баран, ийэтин диэки куттаммытыы көрөр:
— Ийээ, наһаа утаттым, ол гынан баран уу испэппин… Эмиэ хотуолаан кэбиһиэм, — уоһун кыракый илиилэринэн соттоохтоото. Ол кэмҥэ суоппара көлөтүн эргийэн кэлэн иннинээҕи олорор мааны кыыс аанын арыйдан эттэ:
— Эн көс. Манна кыыһы олордуохха Кырдьык, кэннигэр хачайдыыр буолуохтаах.
Кыыс саҥарбакка иҥиэттэн эрэ кэбистэ, хамсаан да көрбөккө олордо. Онуоха суоппар ол кыыска ынан кэллэ:
— Мин эйиэхэ этэбин ээ!
— Харчыбын төлүүбүн дии, талбыт миэстэбэр олоруохтаахпын. Тоҕо мин ханна эрэ кэннигэр көһүөхтээхпиний? –диэн дьахтар сарылаан тоҕо барда.
— Эн, били, сээкэйгин баҕарбыккынан тутаар! Оттон бу, мин массыынам! Манна мин хаһаайыммын! — диэн баран суоппар уол дьахтары санныттан тардан соһон түһэрдэ. — Ол-бу араас буолар буоллаххына, манна хаалларан кэбиһиэм!, — диэтэ бэрт кытаанахтык.
Дьахтар уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу кэннинээҕи миэстэҕэ көһөрүгэр тиийдэ. Онтон суоппар уол кыра кыыһы көтөҕөн ылан массыына иннигэр олорто.
— Хотуолаары гыннаххына, куттаммакка, бу эрэһиинэ поликка да хотуолаар. Ону баҕас сууйуллуо буоллаҕа. Чэ, айаннаатыбыт, – диэн буолла. Мааны таҥастаах кыыс Альбинка аттыгар кэлбитигэр:
— Бырастыы гын. Ити кыыс айаны тулуйбат ээ, — диэн эдэр ийэ барахсан буруйдаах киһи курдук көрдөстө.
— Эҥин араастар айаннаан, –диэн онуоха ол дьахтар өс-саҕа буолан силбиэтэннэ.

Аны Гоша: — Мин эйиэхэ эппитим дии! Ити баар! Кыыһы кимнээхэ эрэ хаалларан кэлбэккэ, – «аала» олордо.

Дэриэбинэлэригэр хараҥарыыта кэлэн, икки мэндиэмэннээх дьиэ таһыгар тохтоотулар. Айанньыттар малларын-салларын ылан тахсар кэмнэригэр, суоппар иннигэр олордубут кыра кыыһын көтөҕөн сиргэ түһэрэн баран хайдаҕын ыйыталаста. Онуоха кыысчаан: «Иннигэр үчүгэй эбит ээ», — диэн баран махтаммыттыы көрөн кэбистэ. Массыына салгыы айаннаан куугуната турда. Онтон Гоша ийэлээх аҕата сиэннэрин көтөҕөн үөрэн, дьоллонон дьиэлэрин диэки бара турдулар. Арай, Альбинка эрэ соҕотоҕун туран хаалбытын көрөн, ийэтэ сиэтэн илдьэ барда.
Дьиэҕэ бырааһынньык остуолун тэрийбиттэр. Хас да ыалдьыт баар. Гоша аҕата Дьөгүөр Дьөгүөрэбис үөрэн, астынан туран:
— Үөрүүлээх күн буолла, уолбут сиэммитин ыалдьыттата аҕалла. Соҕотох сиэммитин буолуо дуо, баҕар, өссө да сиэннэри бэлэхтиэхтэрэ… Бастакы сиэним быһыытынан, бу дьиэбитин киниэхэ аныыр былааннаахпыт. Кини эмиэ Дьөгүөр Дьөгүөрэбис диэн. Мин курдук. Онон киэн туттабын. Сиэммитигэр баарбытын-суохпутун барытын тутан биэрэр эбээһинэстээхпит, — диэн тыл эттэ. Эҕэрдэ эгэлгэтэ этилиннэ эрээри, бу тухары Августинаны биир да киһи «оҕо баар ээ» диэн көрбөтө. Альбина онтон наһаа хомойдо да, таһыгар биллэрбэт буола сатаата. Оҕото айантан сылайбытын, утуктаабытын көрөн, Гоша ийэтигэр «утутуохха» диэн сибигинэйдэ.
Дьиэлээх хотун үөһэ этээскэ батыһыннаран таһааран кириэһилэ-орону ыйан көрдөрдө:  – Кыыһыҥ тэллэххэ ииктээбэт ини?, — диэн ыйытта. Онуоха Альбина уоллара эрэ ииктиэн сөбүн эппитигэр, дьиэлээх хотун сөбүлээбэтэхтии хайыалана түстэ:
— Уол — бэйэтин дьиэтэ. Кини ииктиирэ көҥүллээх!  – диэн баран, туох эрэ үтүөнү эппит курдук туттан-хаптан тахсан бара турда. Эмээхсин барбытын кэннэ Альбинка кыыһыгар сибигинэйэр:
— Гутя, чыычааҕым сыыһа, арааһа, бу дьон эйигин сөбүлээбэтилэр быһыылаах. Эн сарсын хаппырыыһыра сылдьаайаҕын эрэ, сөп?
— Сөп, ийээ. Эһэм хаһан миигин кэлэн ыларый? Эһэбин наһаа аҕынным, — диэн баран, кыыс быыкаа илиилэрин сыыһынан ийэтин ыбылы кууста. Альбинка чочумча сыппахтаан баран, кыыһын сыллаата, кыракый уолчаанын аһатаары туран барда.
Августина илдьэ кэлбит кыракый суумкатыттан аҕатын кытта түспүт хаартыскатын ылан көрөн олордо. Бу хаартыскаҕа түспүт кэмнэрин кини онон-манан өйдүүр. Аҕата өлүөн иннинээҕи сыла этэ. Ол күн кинилэр иккиэйэҕин куорат пааркатыгар күүлэйдээбиттэрэ. Аҕата кыыһыгар улахан “саахар баатаны” ылан биэрбитэ минньигэс да этэ! Хаартысканы имэрийэн ылла, сыллаата уонна түөһүгэр уурбутунан утуйан хаалла.

Арай, түһээтэҕинэ, эмиэ пааркаҕа сылдьаллар эбит. Аҕата хаартыскаҕа түспүтүн курдук таҥастаах, үөрбүт-көппүт көрүҥнээх. Онтон Гутя билиҥҥи кэмин курдук.
— Оҕом сыыһа, наһаа да улааппыккын. Мин эйигин наар маныы, көрө сылдьабын ээ.
— Аҕаа, эн барбытыҥ наһаа куһаҕан, – диир кыыс уонна хараҕын уута ыгыллан тахсар.
— Гутя, эн олох олоруоххун наада. Мин эйиэхэ наар кэлэр буолуоҕум…
— Ийэм миигин таптыыр гынан баран, ити бырааппын Куочугу ордорор быһыылаах.
— Онно ити быраатыҥ буруйа суох буоллаҕа дии. Эн оннук санаама ээ, сөөп.
— Ити саҥа паапам  «миигин «аҕа» диэн ыҥырыма» диэбитэ. «Аҕа» диэн иһиллэрэ куһаҕан диир. Ийэм көрбөтүгэр баттахпыттан тардар, кэттэххэ тыгыалыыр…
— Чэ, тоойуом наһаа үҥсэргээмэ. Мин барытын көрө-билэ сылдьабын. Олох диэн оннук… — Августина уһуктан кэлбитэ түүн үөһэ буолбут. Ханна эрэ быраата Куочук кынкыйдыыр. Кыыс хабаҕарбытын билэн оргууй:
— Ийээ, ийээ, ханна бааргыный? –  диэн сибигинэйэ былаастаан ыҥырбытыгар, хата, ийэтэ өр күүттэрбэккэ тиийэн кэллэ. Иккиэн таһырдьа тахсыбыттарын кэннэ, кыыс тугу түһээбитин, аҕата тугу эппитин, барытын билэ-көрө сылдьабын диэбитин кэпсээтэ. Итини истэн баран, ийэтэ саҥата суох турбахтаата. Онтон кыыһын кууһан баран, итини төрүт кэпсээн оҥостубатыгар сүбэлээтэ.  Оттон  кэллэхтэрин түүн, Гоша табаарыстарын кытта көрсүһэ,  уолун «сууйа» диэн ааттаан барбыта. Ол сылдьаннар,  массыынанан үрэххэ түһэн өлбүттэрин туһунан ыар сурах тиийэн кэлбитэ.

Дьэ, бу кэпсээнинэн тугу этэ сатыыбыный? Тулаайах оҕону хаһан да атаҕастаамаҥ, ытатан-соҥотон муҥнаамаҥ.

Суор Уола.

(социальнай ситимтэн ыллыбыт)

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0