Бүддьүөт үлэһиттэригэр чэпчэтиилээх кирэдьиит

Бөлөххө киир:

Үгүс киһи кирэдьиит ылан сыаналаах мал-сал атыылаһар, тас дойдуларга сынньана барар үгэстээх. Ол эрээри сорох бааннарга кирэдьиит бырыһыана сиэри таһынан үрдүк буолан, ночоокко тэбиллэбит.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Судаарыстыбаттан быһаччы тутулуктаах «Россельхозбаан» АУо бүддьүөт үлэһиттэригэр уонна кинилэр бааннарын нөҥүө хамнастарын ылар дьоҥҥо анаан  бырыһыан ставкатын түһэрдэ.

Чэпчэтиилээх бырыһыан ставкатыгар олоҕуран, бүддьүөт үлэһиттэрэ уонна баан нөҥүө хамнастарын ылар дьон потребительскэй кирэдьиити солуога уонна мэктиэлээччитэ суох ылыахтарын сөп. Бүддьүөт үлэһиттэригэр бырыһыан 11,5% саҕалаан 17,5% диэри. 750 тыһ. солк. суумаҕа диэри биэс сылга диэри болдьохтоон бэриллэр. Оттон биһиги бааммыт нөҥүө хамнас ылааччыларга 1,5 мөл. солк. суумаҕа диэри бэриллэр, – диэн «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Василий Тимофеев «Эдэр саас» сайтка кэпсээтэ.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0