Бүгүн — Бокуруоп күнэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Күн-дьыл билгэтэ:

  • Бу ыйга хаар эрдэ түстэҕинэ, саас хаар эрдэ ууллар.
  • Көтөҕө кыайан түспэтэҕинэ, көтөҕө кыһын хаар үрдүгэр түһэн, хаар саас эрдэ хараарар, уу кэлбэт.
  • Сир тоҥуутугар, сир кырса төһө да муус килиэ буолбутун иһин, сотору халыҥ хаар түстэҕинэ, сир кырса куурар.
  • Сир кырса муус буолбутун кэннэ хаар өр түспэтэҕинэ, сылгыга куһаҕан дьыл буолар.
  • Бокуруоп иннинэ дьыл киирдэҕинэ, эһиилигэр кураан дьыл буолар.
  • Элбэхтик ардаан баран тоҥордоҕуна, сирин силимнээтэ дииллэр. Эһиилигэр өҥ дьылы күүтэллэр.
  • Дьүкээбил күүскэ умайдаҕына, тымныы кыһын буолар.
  • Алтынньы ыйтан ый уонна үргэл алтыһыыларын кэтииллэр. Үргэл ыйы үрдүнэн аастаҕына, өҥ дьылы күүтэллэр.

Саха ыалын халандаара. 2016 сыл.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0