Бүгүн — Хаан туттарааччы күнэ

Бөлөххө киир:

185 сыл анараа өттүгэр, 1832 с. муус устар 20 күнүгэр, Петербург акушера Андрей Вольф төрүүр дьахтарга кини кэргэнин хаанын кутан, ийэ тыыннаах хаалбыта. Онтон ыла Арассыыйаҕа бу күн Хаан биэрээччи национальнай күнүнэн бэлиэтэнэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Эйэлээх да кэмҥэ уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга дьон хааннарын биэрэн, мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун быыһыыллар.

Доруобуйа харыстабылын Бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ВОЗ) чахчытынан, хас үһүс киһи олоҕор биирдэ хаан биэрээччи өҥөтүгэр наадыйар. Бэл, чэгиэн доруобуйалаах, нус-хас олохтоох да киһи эчэйиэ, ыалдьыа суоҕа диэн ким да мэктиэлээбэт. Онон хаан ыксаллаах бириэмэҕэ эрэ буолбакка, хас күн, хас чаас аайы наадатын эмчиттэр этэллэр.

Хаан кутуутугар хаан уонна искэн ыарыылаахтар эмиэ наадыйаллар. Араас балыыһа ыарыһахтарыгар хаан бэйэтинэн эрэ буолбакка, компоненнара – плазма, тромбоциттар, эритроциттар наада буолаллар.

ххх

Саха сиригэр сылга 10 тыһыынчаттан тахса киһи бэйэтин хаанын туттарар. Онон хаан туттарааччылар элбэхтэр. Ол гынан баран, дьыл сорох кэмигэр (ордук сайын уоппускалар, каникуллар кэмнэригэр)  хааннарын куруук туттара сылдьыбыт дьон даачаларга, сынньалаҥ дьиэлэригэр, санаторийдарга тарҕаспыт, устудьуоннар дьиэлэригэр барбыт кэмнэригэр, арыт, хаан тиийбэт түгэнэ тахсан хаалыан сөп.

Сорох киһи «Хааҥҥын биэрэр доруобуйаҕа буортулаах. Хараҕыҥ, быарыҥ, бүөрүҥ, таалыҥ уо.д.а. уорганнарыҥ эмсэҕэлииллэр» диэн сыыһа өйдүүр. «Хаан туттарыы буортулаах» диэн өйдөбүлү «Хаан туттарыы туһалаах» диэнинэн солбуйуохха сөп. Сөбүгэр соҕус хааны ыытыы туһалааҕа дакаастаммыта. Холобур, хааны туттарыы сүрэх ишемическэй ыарыытын, артериальнай гипертензия кутталын намтатар. Кыра хааны сүтэрии хаан эргиирин күүһүрдэр, хаан саҥардыллар уо.д.а.», – диэн исписэлиистэр этэллэр.

Ону таһынан, хаан туттарбыт киһи сүрэхтиин-дууһалыын чэпчиир. Тоҕо диэтэххэ, кини хаанын туттаран, ким эрэ олоҕун быыһаабытын, үтүө дьыаланы оҥорбутун билэр.

Хаан туттарааччылар үксүгэр тэлэбиидэнньэҕэ уһуллалларын, хаһыаттарга, сурунаалларга интервью биэрэллэрин сөбүлээбэттэр. Бэйэлэрин олохторунан нус-бааччы олороллор. Дьиҥэр, кинилэр сүүһүнэн, тыһыынчанан олоҕу быыһаабыт үтүө санаалаах дьон.

Эһиэхэ барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабыт.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0