«Бүлүү» федеральнай суол: халтараантан сэрэниҥ!

Бөлөххө киир:

«Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрэринэн, Түүкээн үрэххэ (702-с км) турар понтуон муостаны бүгүн (алтынньы 11 күнэ), оттон Оччугуй Ботуобуйа киэнин (1151-с км) алтынньы 13 күнүгэр хомуйуохтара. Онон бу үрэхтэргэ муус халыҥыар диэри тимир көлөлөр сырыылара тохтуоҕа.

edersaas.ru

Халлаан тымныйбытынан уонна инчэҕэй хаар түспүтүнэн, федеральнай суолга халтараан үөскээтэ. Билиҥҥи туругунан кутталлаах учаастактарга халтарааны суох оҥорууга 60 анал тиэхиньикэ тахсан үлэлии сылдьар. Тустаах тэрилтэ салалтата төһө даҕаны халтарааны суох оҥорууга үлэ ыытарын үрдүнэн, суоппардар сэрэхтээхтик айанныыргытыгар сүбэлииллэр.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0