«Бүлүү» федеральнай суол: понтуон муосталары алтынньы 8 күнүгэр хомуйуохтара

Бөлөххө киир:

«Бүлүү суол» управлениета Бүлүү федеральнай суолга баар Түүкээн (702-с км) уонна Оччугуй Ботуобуйа (1151-с км) үрэхтэргэ турар понтуон муосталары алтынньы 8 күнүгэр хомуйуоҕа.

Онон ити иннинэ тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон наадалаах таһаҕаскытын тиэйэргитигэр сүбэлииллэр. Санатар буоллахха, алтынньы 8 күнүгэр булгуччу хомуйуллар диэн буолбатах, халлаан туругуттан көрөн, күнэ уһатыллан да, эрдэлээн да биэриэн сөп. Ити туһунан «Бүлүү суола» управление uprdorviluy.ru диэн сайтыгар киирэн билсиэххитин сөп.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0