Балыыһаҕа баһаартан куотарга эрчилиннилэр

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа баһаар тахсар түбэлтэтигэр балыыһа үлэһиттэрэ төһө бэлэмнэрин бэрэбиэркэлиир үөрэх ыытылынна.

edersaas.ru


Утуйар чаас саҕаланаатын кытары баһаар буолан эрэрин биллэрэр сигнализация тыаһаата. Диспетчерскэй отдел: «Төрдүс этээскэ уот күөдьүйдэ. Бары суһаллык дьиэттэн тахсыҥ», – диэн биллэриини биэрдэ. Сотору буолаат: «Бары противогазтары кэтиҥ уонна ыарыһахтары таһаарарга бэлэмнэниҥ», – диэн сорудах иһилиннэ. Көрүдүөргэ буруо бөҕө. Ыстаарсай сиэстэрэ хаама сылдьар ыарыһахтарга «Айманымаҥ! Сылаас суорҕаннары ылыҥ», – диэн сэрэттэ.

Дьону ыксаллаах сиртэн таһаарарга эппиэттээх үлэһиттэр отделениелар ыарыһахтарын таһаардылар. Лииптэр үлэлэрэ тохтотулунна. Кыаммат ыарыһахтары наһыылканан таһаарыы саҕаланна. Сүрүн уонна саппаас тахсар сирдэр бары аһылланнар, дьон биир сиргэ тоҕуоруһуута уонна аймалҕана тахсыбата. Саамай бүтэһигин отделение быраастара таҕыстылар.

Ити курдук, Дьокуускай куорат 1 №-дээх баһаарынай чааһын үлэһиттэрэ ыыппыт үөрэхтэрэ былаан быһыытынан барда.

Маннык үөрэх өссө биир нэдиэлэнэн бу балыыһа ожоговай отделениетыгар ыытыллыаҕа. Онтон ыам ыйыгар «А» блокка баар суһал кардиология, неврология, травматология, иккис хирургия, нейрохирургия, неврология уонна хаан баттааһыннара кэһиллиилээх ыарыһахтарга аналлаах реанимация отделениеларыгар буолуоҕа.

Зоя ИГНАТЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0