Бастакы тутар этэрээт Кэбээйи Кальвицатыгар айаннаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл саас Өлүөнэ Эбэ хаатыттан тахсан, өрүс эҥээригэр олорор улуустарга халаан улахан хоромньуну таһаарбыта.

edersaas.ru

Бу күннэргэ халаантан улаханнык эмсэҕэлээбит Кэбээйи улууһун Кальвица нэһилиэгин олохтоохторо саамай ыраастанар, дьиэлэрин куурдар, өрөмүөннэнэр кэмнэрэ. Эппиэттээх кэмҥэ сайыҥҥы кураан күннэри баттаһан, кинилэргэ өрөспүүбүлүкэ киин куоратын үөрэҕин кыһаларыттан таҥыллыбыт устудьуоннар этэрээттэрэ бүгүн, бэс ыйын 21 күнүгэр, анаан көмөлөһө ыраах айаҥҥа турунна.

Кэбээйигэ тутар этэрээти СӨ Дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтин миниистиэристибэтин салалтата атаарда.

Кэбээйи улууһун Кальвица нэһилиэгэ саамай улаханнык эмсэҕэлээбит нэһилиэк. Онон эһиэхэ, бүгүн аттанар 15 байыаска, биһиги улаханнык эрэнэбит.  Кыһалҕалаах дьон үгүс буолуоҕа, онон дьон хас биирдии көрдөһүүтүгэр болҕомтолоох буоларгытыгар баҕарыам этэ, — диэн санаатын тиэртэ миниистир Иван Луцкан. 

Кальвицаҕа билигин, сүрүннээн, саастаах дьон олороллор. Кинилэр оҕолору эрэнэ кэтэһэллэр, бэлэм олороллор. Устудьуоннары улуустааҕы дьаһалта катера утары кэлэн ылыахтаах. Улуус дьаһалтатын уонна Кэбээйи улууһун олохтоохторун аатыттан өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар бу маннык тутар этэрээттэри таҥан, эмсэҕэлээбит улуустарга көмөҕө бэлэмнээн ыытарыгар барҕа махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Бүгүн бу бастакы тутар этэрээти атааран эрэбит, —— диэн кэпсиир   Кэбээйи улууһун дьаһалтатын спорка управлениетын салайааччыта Алексей Гоголев.

«Сойуус» диэн устудьуоннар холбоһуктаах тутар этэрээттэрин уопуттаах, маннык этэрээттэргэ 2016 сылтан үлэлиир   Айсен Оконешников салайар.

Биһиги Кэбээйи улууhун Кальвица нэһилиэгин олохтоохторугар  көмөлөһүөхпүт, халааҥҥа эмсэҕэлээбит ыаллар дьиэлэрин өрөмүөннүөхпүт. Тутар этэрээт байыастара миэстэтигэр тиийэн, олохтоох дьаһалта сыһыарбыт сирдэринэн, ыалларынан үлэлиэхтэрэ, — диэн кэпсиир  устудьуоннар этэрээттэрин хамандыыра.

Мин ХИФУ пединститутун 3-c кууруһугар үөрэнэбин. Тутар этэрээккэ доҕотторум сүбэтинэн суруттаран, аан бастакыбын сылдьабын. Бииргэ үлэлиэхтээх  оҕолорбун кытта эрдэттэн билсибиппит. Онон бэйэ-бэйэбитин ыкса билэр дьон үлэбит тахсыылаах буолуо диэн эрэнэбин, — диэн санаатын үллэстэр Аксиния Иванова.

Эппиэттээх үлэҕэ айаҥҥа туруммут ыччаттарга ылыммыт соруктарын толорон, алдьатыылаах халааҥҥа эмсэҕэлээбит Кальвица нэһилиэгин олохтоохторун кыһалҕаларын аччатан, үгүс үлэни ыытан, соруктарын барытын толорон кэлэллэригэр баҕарабыт.

Анжелика АЛЕКСЕЕВА. 

Дьокуускай к.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0