Бэрэбиэркэлиир үлэ — эксээмэн буолбатах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үөрэх дьыла түмүктэнэрэ чугаһаата, ону кытта эксээмэннэр, бэрэбиэркэлиир үлэлэр саҕаланнылар. Сарсын Арассыыйа үрдүнэн 4 кылаас үөрэнээччилэригэр нуучча тылыгар булгуччулаах бэрэбиэркэлиир үлэ – диктант, 5 кылаас үөрэнээччилэригэр оскуола бэйэтин быһаарыытынан ыытыллар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

РФ Үөрэххэ уонна наукаҕа кэтээн көрөр федеральнай сулууспатын салайааччыта Сергей Кравцов: «5 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэҕэ оскуолалар 70 бырыһыаннара кытталларын биллэрдилэр», — диэн иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ (ВПР) — ФГОС ирдэбилин учуоттаан, биирдиилээн биридимиэттэргэ сыл түмүгүнэн оҕо билиитин таһымын бэрэбиэркэлиир үлэ буолар. Сорохтор сыыһа өйдөөн, “бэйэтэ туспа кыра БКЭ (ЕГЭ)” диэн сыаналыыллар. Ити төрдүттэн сыыһа өйдөбүл итиэннэ оҕо кылааһы тахсарыгар эбэтэр атын оскуолаҕа көһөрүгэр хайдах даҕаны дьайбат диэн исписэлиистэр бэлиэтииллэр. Уруккута сыл түмүгүнэн ыытыллар хонтуруолунай үлэ буолар. Уратыта диэн – Россия үрдүнэн биир ыйыллыбыт күҥҥэ ыытыллар итиэннэ биир киритиэрийинэн сыаналанар.
2017-2018 үөрэх дьылыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэҕэ 6-с кылаас үөрэнээччилэрэ эмиэ хабыллыахтара.

Хонтуруолунай үлэ ыытыллар күннэрэ

4 кылаастар
Муус устар 18, 20 күннэрэ – нуучча тыла
Муус устар 25 күнэ – математика
Муус устар 27 күнэ – тулалыыр эйгэ

5 кылаастар
Муус устар 18 күнэ – нуучча тыла
Муус устар 20 күнэ – математика
Муус устар 25 күнэ – история
Муус устар 27 күнэ – биология

11 кылаастар
Муус устар 19 күнэ – география
Муус устар 25 күнэ – физика
Муус устар 27 күнэ – химия
Ыам ыйын 11 күнэ – биология
Ыам ыйын 18 күнэ – история

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска интэриниэттэн туһанылынна. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0