Биэнсийэҕэ тахсар саас уһаабата

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ “бассаап” ситиминэн “Путин илии баттаата” диэн төбөлөөх хаһыат заметкатын хаартыската тарҕанна. Дьон “Путин биэнсийэ сааһын  уһатар туһунан илии баттаата” диэн, сыыһа өйдөөн, айманан эрэллэр.

edersaas.ru

Дьиҥинэн, ити урукку хаһыакка,  былырыын чунуобунньуктар биэнсийэҕэ тахсар саастарын уһатар сокуон туһунан суруллубут, ону ситэ өйдөөбөтөхтөр.

Владимир Путин 2016 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр чунуобунньуктар биэнсийэҕэ тахсар саастарын уһатар туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Сокуон 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирбитэ.

Бу сокуон чэрчитинэн, судаарыстыбаннай, муниципальнай сулууспаҕа үлэлиир чунуобунньуктар биэнсийэҕэ тахсар саастара уһаан биэрбитэ. Сыл аҥара аастаҕын ахсын, эр дьон 65, дьахталлар 63 саастарын туолуохтарыгар диэри  кыралыынан эбиллэр.

Арассыыйаҕа билигин эр дьон 60, дьахталлар 55 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсаллар. Оттон Саха сиригэр Уһук Хоту олорор буолан, эр дьон 55, дьахталлар 50 саастарыгар тахсаллар.

Өскөтүн Саха сиригэр олохтоох чунуобунньук судаарыстыбаннай сулууспаттан аккаастанар түгэннээх буоллаҕына, атын гражданнар курдук, 50-55 сааһыгар биэнсийэҕэ тахсар бырааптаах.

Онон билигин “биэнсийэ сааһа уһуур үһү” диэн айманыы олоҕо суох. Дьиҥинэн, ити хаһан эрэ олоххо киириэхтээх. Хаһан киирэрэ биллибэт.

Оттон  Биэнсийэ фондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов сыл саҕаланыыта биһиги хаһыаппытыгар бу курдук эппиэттээн турар:

— Мин санаабар, ити хаһан эрэ буолуохтаах түгэн. Киһи үйэтэ уһуур, ону тэҥэ өр кэмҥэ эдэрдии эрчимин сүтэрбэт. Билигин 55 саастаах киһи күөгэйэр күнүгэр, үлэтин үгэнигэр сылдьар. Онон үөскүүр ороскуоту сабарга биһиэхэ икки суол баар. Эбэтэр страховой усунуос тарифтарын үрдэтэбит, эбэтэр биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатабыт.
Ол эрээри, ыллыҥ да уһатан кэбиһэр эмиэ табыллыбат. Холобур, үлэ ырыынагар бу дьон бары миэстэлэрин булуохтара дуо? Үлэ миэстэтэ тиийбэт буолан хаалыа суоҕа дуо? Онон бу боппуруоһу судаарыстыба бары өттүттэн үөрэтэн, ыараҥнатан көрөн баран, экэниэмикэ өрүттэрин учуоттаан, ылыныан наада. Аҥардас биһигиттэн эрэ тутулуга суох. Биэнсийэ кээмэйэ кыра дииллэр эрээри, хамнас кыра буоллаҕына, хантан үрдүөй? Барыта хамнастан, усунуостан ааҕыллан тахсар буоллаҕа дии.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ киһи оло5ун орто сааһа 3 сылынан уһаата. Ол эрээри, бу көрдөрүү кырата уонча сыл уһаатаҕына, биэнсийэҕэ тахсар сааhы үрдэтии буоппуруоhун көтөҕөр сөп дии саныыбын. Ити син биир хаһан эрэ буолуо, экэниэмикэ туругуттан, дойду хайдах балаһыанньаҕа олороруттан тутулуктаах, — диэн Георгий Степанов хоруйдаабыта.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0