Биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатыы 2034 с. диэри барыаҕа

Бөлөххө киир:

Биллэрин курдук, Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Дуумата «Биэнсийэни анааһын уонна төлөбүр боппуруостарыгар РФ сорох сокуонун акталарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» федеральнай сокуону бастакы ааҕыыга бигэргэппитэ.

Сокуон барылын РФ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ бэлэмнээбитэ.


Сокуон барылыгар страховой биэнсийэ (кырдьаҕаһынан) ананар сааһын түһүмэҕинэн уһатыы ыйыллар. Ол курдук, эр дьон 65, дьахталлар 63 саастарыгар тахсаллара олохтонуон сөп. Биэнсийэ сааһын уһатыы сыыйа-баайа уонна уһун түһүмэхтэринэн барыаҕа. Ити 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан, 2034 сылга түмүктэниэҕэ.

Сокуон барыла, ону сэргэ, социальнай биэнсийэҕэ тахсыы сааһыгар сыһыаннаах уларыйыылары көрөр. Үлэлээбэтэх эбэтэр страховой биэнсийэни ыларга ирдэниллэр толору ыстааһа суох дьоҥҥо социальнай биэнсийэни дьахталларга 68 уонна эр дьоҥҥо 70 саастарыгар биэрэргэ этиллэр. Бу уларыйыылар эмиэ сыыйа-баайа киириэхтэрэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0