Биэнсийэҕэ тахсар саас үрдүө дуо?

Бөлөххө киир:

Бу ыйытыыга Биэнсийэ фондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр хоруйдаата.
Ангелина Васильева, “Cаха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Саха сиригэр билигин 270 тыһыынча биэнсийэлээх баар. Сыл устата 2 356 киһи эбиллибит.

Итинтэн 218 тыһыынчаттан тахсата – сааhынан страховой биэнсийэни ылар уонна 94 тыһ. кэриҥэ киһи — үлэлии сылдьар биэнсийэлээх. 2016 сылга страховой уонна социальнай биэнсийэ 4%-нан үрдээбитэ. Биэнсийэ баала 74, 27 солкуобайга тэҥнээ5э.
Олунньутааҕы индексация кэнниттэн, 352,34 солкуобайынан үрдээн, страховой биэнсийэ орто кээмэйэ 18 479,92 солк. тэҥнэспитэ. Оттон судаарыстыба хааччыйар биэнсийэлээхтэригэр 413,09 солк. үрдээн, 11 051 солк. буолбута.

2016 сылга страховой биэнсийэ төлөбүрүгэр 50 млрд. солк. төлөммүтэ. 2017 сыл саҥатыттан тэрилтэлэртэн, предпринимателлэртэн страховой усунуоһу хомуйуу боломуочуйата нолуок инспекциятыгар бэриллибитэ. 2016 сыл устата булгуччулаах пенсионнай страховкалааһыҥҥа 42,6 млрд. солк. страховой усунуос хомуллубута, ити ол иннинээҕи сылы кытта тэҥнээтэххэ, 5,9%-нан үрдүк. Итини орто хамнас үрдээбитинэн быһаарыллар.

Георгий Михайлович этэринэн, төһө да биэнсийэҕэ саҥа тахсар дьон аҕыйаабытын үрдүнэн, биэнсийэлээх ахсаана элбээн иһэр. Тэҥнээтэххэ, 2015 сылга 19,2 тыһ. киһи, 2016 сылга 18,8 тыһ. киһи биэнсийэҕэ тахсыбыт. Аҕыйаабыт курдук эрээри, уопсай ахсаан тоҕо үрдүүрүй?

Сыыппаралары ылан көрдөххө, 2012 сылга биэнсийэлээх уопсай ахсаана 253 тыһ. киһи эбит. Ити кэмтэн биллэр эбиллии кестер. Ити эппиэтэ – киһи үйэтэ уһаабыта буолар. Кэнники 5 сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ киһи олоҕун орто уһуна 3 сылынан уһаабыт эбит.

Холобур, бу сыыппаралартан да көстөр:
2012 сылга 80 саастарын туолбут дьон ахсаана – 8864 киһи.
2015 сылга – 9996 киһи.
2017 сылга – 11349 киһи!
Өрөспүүбүлүкэҕэ 100 сааһын туолбут 11 киһи олорор.

Киһи үйэтэ уһаабыта – олох таһыма үрдээһинин, медицина, социальнай көмүскэл көдьүүһүн туоһулуур биир көрдөрүү.
Ол эрээри, бу мантан сиэттэрэн, ороскуот эмиэ үрдүүрэ өйдөнөр. Онон биэнсийэҕэ тахсар саас саас уһуурун туhунан кэпсэтии олохтоох курдук. Дьиҥэ, бу боппуруос ырытыллыбыта ыраатта. Биэнсийэҕэ тахсаллара чугаһаабыт дьон долгуйаллара өйдөнөр.


Манна Биэнсийэ фондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы туох диэн эппиэттиир эбитий?

— Мин санаабар, ити хаһан эрэ буолуохтаах түгэн. Киһи үйэтэ уһуур, ону тэҥэ өр кэмҥэ эдэрдии эрчимин сүтэрбэт. Билигин 55 саастаах киһи күөгэйэр күнүгэр, үлэтин үгэнигэр сылдьар. Онон үөскүүр ороскуоту сабарга биһиэхэ икки суол баар. Эбэтэр страховой усунуос тарифтарын үрдэтэбит, эбэтэр биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатабыт.
Ол эрээри, ыллыҥ да уһатан кэбиһэр эмиэ табыллыбат. Холобур, үлэ ырыынагар бу дьон бары миэстэлэрин булуохтара дуо? Үлэ миэстэтэ тиийбэт буолан хаалыа суоҕа дуо? Онон бу боппуруоһу судаарыстыба бары өттүттэн үөрэтэн, ыараҥнатан көрөн баран, экэниэмикэ өрүттэрин учуоттаан, ылыныан наада. Аҥардас биһигиттэн эрэ тутулуга суох. Биэнсийэ кээмэйэ кыра дииллэр эрээри, хамнас кыра буоллаҕына, хантан үрдүөй? Барыта хамнастан, усунуостан ааҕыллан тахсар буоллаҕа дии.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ киһи оло5ун орто сааһа 3 сылынан уһаата. Ол эрээри, бу көрдөрүү кырата уонча сыл уһаатаҕына, биэнсийэҕэ тахсар сааhы үрдэтии буоппуруоhун көтөҕөр сөп дии саныыбын. Ити син биир хаһан эрэ буолуо, экэниэмикэ туругуттан, дойду хайдах балаһыанньаҕа олороруттан тутулуктаах, — диэн Георгий Степанов хоруйдаата.

Ангелина Васильева, “Cаха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0