Биэнсийэ хайдах ааҕылларый?

Бөлөххө киир:

Үлэ үгэнигэр сылдьар киһи биэнсийэ туһунан санаабат. Уон-сүүрбэ сылынан хайдах биэнсийэни ыларыҥ туһунан билиҥҥиттэн саныахтааххын. Ыйга 15 тыһыынчанан айаххын ииттиниэҥ дуо? Биэнсийэни хайдах элбэтиэххэ сөбүй?
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Реформа ыытыллыбытын түмүгүнэн, биэнсийэ билигин икки көрүҥнээх. 2015 тохсунньу 1 күнүттэн мунньуллар биэнсийэ диэн баар буолбута (урут мунньуллар чааһа диэн этэ). Биэнсийэни ааҕыы ымпыктаах-чымпыктаах, киһи дэбигис өйдөөбөт. Ол иһин судургутутан биэрэбит. Биэнсийэ фондун сайтыгар киирэн, төһө баал мунньуллубутун көрөн, кэлин төһө суумалаах биэнсийэни ылыаххын сөбүн суоттаан көр.

Страховой биэнсийэ
Үлэһит хамнаһын фондатыттан страховой усунуос — 22%.
Ол иһигэр страховой биэнсийэни үөскэтиигэ — 16% (тус тарыып),
мунньуллар чааһын үөскэтиигэ – 6% (солидарнай тарыып).
Киһи бэйэтин баҕатынан, 16%-нын барытын страховой биэнсийэҕэ ыытыан сөп. 1966 сылга төрөөбүт уонна онтон аҕа дьон бары страховой биэнсийэлээхтэр. Үлэлиир буоллахтарына, страховой усунуостара страховой биэнсийэҕэ эрэ барар. Страховой биэнсийэ сыл аайы индексацияланар.

Мунньуллар биэнсийэ

1967 сылга төрөөбүт уонна кинилэртэн балыс дьон бэйэлэрэ талаллар:
страховой биэнсийэни эрэ;
страховой уонна мунньуллар биэнсийэни иккиэннэрин.
2016 сыл тохсунньутуттан биэнсийэлэрин биирдэ да судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ фондатыгар, эбэтэр управляющай хампаанньаҕа көһөрбөтөх дьон (“ньимиликээннэр”) усунуостара страховой биэнсийэҕэ эрэ барар буолбута. Урут көһөрө сылдьыбыт уонна саҥа үлэлээн эрэр дьон мунньуллар биэнсийэни талар бырааптаахтар. Судаарыстыбаннайа суох фондаҕа үрдүк бырыһыаҥҥа 6%-ны ыытан, дохуот аахсыахха сөп.

Биэнсийэҕэ тахсар саас:
Арассыыйаҕа эр дьон – 60 саастарыгар;
дьахталлар – 55 саастарыгар.
Саха сиригэр эр дьон – 55 саастарыгар;
дьахталлар – 50 саастарыгар.

Биэнсийэ баала
Сыл аайы төһө страховой усунуос төлөммүтүнэн уонна үлэ ыстааһыттан көрөн, баал ааҕыллар.
2017 сылга саамай элбэх баал – 8,26.
Страховой уонна мунньуллар биэнсийэни тэҥинэн талыыга — 5,16 баал.
Биир баал — бүгүн 74,27 солкуобай (2016 с.). Олунньу ыйга индексация буолар, оччоҕо 2017 сылга биир баал 78,3 солкуобайга тэҥнэһиэ. Төһө баал мунньуллубутун Биэнсийэ фондатын сайтыгар Тус кабинекка киирэн көрүөххэ, биэнсийэҕин ааххтарыахха сөп.

Биэнсийэни ааҕыы формулата
Страховой биэнсийэ = баал суумата х биэнсийэ анаммыт сылыгар баал сыаната + чопчу олохтоммут (фиксированнай) төлөбүр. Бу төлөбүр 2017 сылга 4805,12 солк. тэҥ.
Биэнсийэҕэ тахсар сааһы аһардан баран, биэнсийэни ылар буоллахха, чопчу олохтоммут төлөбүр уонна тус коэффициент үрдээн биэрэр. Ол эбэтэр, дьахтар 60 сааһыгар биэнсийэҕэ таҕыстаҕына, бу төлөбүр 1,36 төгүл, тус коэффициент 1,45 төгүл улаатар. Уһук Хоту регионнарыгар чопчу олохтоммут төлөбүр эмиэ улаатар.

Ыстааска ааҕыллар:
1 оҕону көрөн олоруу – 1,8 баал.
2 оҕону көрөн олоруу – 3,6 баал.
3 оҕону көрөн олоруу – 5,4 баал.
Аармыйаҕа сулууспалааһын 1 сылыгар – 1,8 баал.
Инбэлиити, кырдьаҕаһы көрөн олоруу 1 сылыгар – 1,8 баал.

Болҕой!
Ыстааһыҥ, хамнаһыҥ төһөнөн үрдүк да – биэнсийэҥ соччонон үрдүк.

Биэнсийэни суоттааһын холобура
Елена Николаевна биэнсийэҕэ тахсар сааһа кэлэн, төһө сууманы ыларын туоһуласта. Кини Уһук Хоту 15 сыл үлэлээбит, уопсай ыстааһа 30 сыл. Үстэ оҕолонон олорбут.
115 баал – үлэлээбитин тухары ылбыт баала.
16,2 баал – оҕо көрөн олорбутугар ылбыт баала.
74,27 солкуобай – биир баал сыаната.
4558,93 х 1,5 – чопчу олохтоммут төлөбүр. Уһук Хоту 15 сыл үлэлээбит, дьахталлар уопсайа 20 сылтан кырата суох, эр дьон 20 сылтан кырата суох ыстаастаах буолуохтаахтар) 1,5 коэффициеҥҥа төгүллэнэр = 6838,93 солкуобай.
Формуланан суоттуубут:
(115 баал + 16,2 баал) х 74,27 солк. + 6838,40 солк. = 16582,62 солк.
Елена Николаевна ыйга 16582,62 солк. биэнсийэни илиитигэр ылар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0