Биэнсийэлээхтэргэ чэпчэтиилээх кирэдьиит

Бөлөххө киир:

Россельхозбаан” биэнсийэлээх дьоҥҥо ураты болҕомтону уурар. Ол курдук, аҕа көлүөнэҕэ кирэдьиит ыларга анал усулуобуйалар бааллар. Маны сэргэ, харчыны бааҥҥа уурууга үрдүк бырыһыан, ону тэҥэ араас буонустар уонна чэпчэтиилэр көрүллэллэр.


Бүгүн биһиги «Россельхозбаан» АУо Саха Сиринээҕи салаатын салайааччы, норуот дьокутаата Василий Тимофеевтыын биэнсийэлээхтэргэ анаммыт баан бородуукталарын туһунан сэһэргэһиэхпит.

  Василий Васильевич, “Россельхозбаан” биэнсийэҕэ олорор дьоҥҥо анаан ханнык өҥөлөрү оҥороруй?

– Аҕа саастаах килийиэннэрбитигэр кирэдьииттээһиҥҥэ чэпчэтиилээх усулуобуйалар, үрдүк бырыһыаннаах анал ууруулар бааллар.

– “Россельхозбааҥҥа” биэнсийэлээхтэр кирэдьиит ылалларыгар ханнык ирдэбиллэр туралларый?

– Биэнсийэлээхтэргэ кирэдьииттээһиҥҥэ анал усулуобуйалаахпыт. Сылга 13,0%-17,5% бырыһыаннаах ыстаапкалар көрүллэллэр*. 200-тэн тахса тыһ. солкуобай суумалаах үбү ылааччыларга 12 ый болдьохтоох аахсыйа бара турар. Ол курдук, 11,5%-ҥа диэри ыстаапка намтатыллыбыт*. Кирэдьиити ылар киһи 75 сааһын туолуон иннинэ төнүннэриэхтэээх. Муҥутаан 500 тыһ.солк. диэри харчы иэс бэриллэр. Суумата дохуоттан тутулуктаах.

Баантан харчы ыларга туох докумуоннары илдьэ кэлиэхтээхтэрий?

– Пааспар уонна биэнсийэлэрэ төһөтүн туһунан ыспыраапка аҕалаллар. Өскөтүн биэнсийэни “Россельхозбаан” нөҥүө ылар буоллахтарына – пааспар эрэ наада.

– Харчыны уурдарыы уонна биэнсийэни ылыы туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?

–  «Пенсионный доход» диэн бырагырааманы үлэлэтэн эрэбит. Икки сылга 500 солкуобайтан 2 мөл. солк. диэри суумаҕа арыллар. Быраһыан ыстаапката сууматтан тутулуктаах. 7,9 %-тан 8%-ҥа диэри. “Пенсионный доход” биир үчүгэй өрүтэ диэн, килийиэн бырыһыан хайдах төлөнөрүн бэйэтэ талар: ый аайы капитализация (бырыһыан ууруу суотугар эбиллэр) эбэтэр килийэн туспа счетугар түһэрии.

–  Олус туһалаах сэһэргэһииҥ иһин махтал. Ааҕааччыларбыт үп-харчы эргиириигэр билиилэрэ хаҥаата диэн эрэнэ хаалабыт.

–  Эбии иһитиннэриини “Россельхозбаан” офистарыгар ылыаххытын сөп. Дьокуускай куоракка аадырыстара: Пушкин уул, 12 дь., Ярославскай уул., 19 дь. Ону таһынан,  өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар баар Баан эбии 14 офиһа. Билсэр нүөмэргит 402-132.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0