Биэс күнүнэн Аллараа Бэстээҕинэн суол сабыллыа

Бөлөххө киир:

Аҕыйах күнүнэн кыһыҥҥы суол сабыллар буолан, өрүһү туоруур сирдэргэ хааччахтааһын олохтонно. Ол эрээри халлаан тымныйан, кыраапыкка уларытыылар киллэриллиэхтэрин сөп.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

«Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрбитинэн, муус устар 10 күнүттэн 10 тоннаҕа диэри хааччахтааһын Бүлүү уонна Марха өрүстэри туорааһыҥҥа олохтонно. Маны таһынан, «Халыма» суолга Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан 10 тоннаттан үөһээ ыйааһыннаах тиэхиньикэҕэ сырыы бобулунна.

Былаан быһыытынан, өрүһү туоруур сирдэр муус устар 15 күнүнэн сабыллыахтаахтар.

Суол сабыллыытын кыраапыга:

№ п/п Өрүһү туорааһын 10 тоннаҕа диэри Сабыллар болдьоҕо
1 Үөһээ Бүлүү 10.04.2017 15.04.2017
2 Дьаархан 10.04.2017 15.04.2017
3 Күндээдэ 10.04.2017 15.04.2017
4 Устье 10.04.2017 15.04.2017
5 Кириэстээх 10.04.2017 15.04.2017
6

 

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх 10.04.2017 15.04.2017

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0