Биэтэс Билээхэп: Халаан халыппыт санаалара

Бөлөххө киир:

Бу саас ууга барыы элбэх. Бииртэн биир өрүстэр, үрэхтэр хааларыттан тахсан, сүүһүнэн дьиэ-уот уу анныгар буолла. Арай, саамай эрдэ эстибит Бүлүү эбэ эрэ этэҥҥэ мууһуттан босхолонно бадахтаах. Ону даҕаны, ким билиэй, ГЭС хааччахтыыра буолуо ээ. Оо, арах-арах, аны хотугу өрүстэрбит хайдах-туох айаннаахтыыллар? Айылҕабыт тугу тиэрдэ сатыыра буолла?

Арааһа, аныгы дьон айылҕаттан тэйэн, сиэри-туому тутуспат буолбуппутун, алдьатар, киртитэр эрэ саҥнаах буолбуппутун этэн, сэрэтэн эрдэҕэ. Ити өрүскэ тохтубут сэлээркэни, мазуту да ылан көрүөҕүҥ. Най барыы буолбатах дуо? Кытаанахтык ыстарааптыахха наада! Аараттан мин сүрэҕим ыарыйда. Эмээхсиммин кытары ууну хаһаана сатаатыбыт, аны киртийдэ диэн, арааран кэбиһиэхтэрэ… Ээ чэ, ол биһиги кырдьан хаалбыт дьон, биир күн уута суох олордохпутуна, “эһиннибит” диэн эймэниэхпит турдаҕа. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ хонтуруолга ылан, дьаһайбыта үчүгэй.

Дьон-сэргэ барахсаттар, саастарын тухары муспут баайдарыттан ытыс соттон хааллахтара. Хаһыакка тахсыбыт ыстатыйаны ааҕан баран, харааһынным ээ. Биэс оҕолоох эдэр ыал мөлүйүөн кэриҥэ кирэдьиити ылан туттубут хотонноро үрэллэн хаалбыта сүрдээх хомолтолоох, дьэ. Саамай кыһыыта диэн, ол кирэдьииттэрин үлүгэр бырыһыанын өссө да төлүү олороохтууллар ээ. Аны туран, олорор дьиэҥ эрэ эмсэҕэлээбит буоллаҕына, харчы төлөнөр үһү. Хотон аахсыллыбат дииллэр. Мин санаабар, сыыһа дьаһаныы. Дьиҥнээх ороскуоту ааҕан-суоттаан баран, көмө оҥоһуллуохтаах. Арай, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ итини учуоттаан,  сөпкө дьаһанаа ини… Саатарын, туохха эрэ тэп диэбиккэ дылы, кэлэн көрөн-истэн барбыт МЧС-пыт тойоно биир күн иһигэр уһуллан хаалбыт дии. Саҥа тойон туох диэн турара биллибээт… Ол да буоллар, эмсэҕэлээбит дьон көмөнү ылыахтара диэн эрэнэргэ эрэ тиийэҕин.

Дьэ, уонна бииртэн кыһыйдым-абардым эбээт… Бу ыксаллаах кэмҥэ дьону, сүөһүнү быыһаары күнүстэри-түүннэри үлэлээбит баһылыктары сууттаан эрэллэр үһү диэн иһиттим. Дьэ, бу туох да сиэргэ баппат быһыы! Баһылыктар барахсаттар, туох буруйдаах буолуохтарай? Уу ылан эрэр диэн иһитиннэрэ сатаабыттар ээ. Били, “буруй эрэ Моттойоҕо” диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

Мантан сайын, дьэ, үлэ бөҕөтө күүтэр. Хата, дьон-сэргэ туора турбакка, туох кыахтааҕынан көмөлөһөн эрэллэрин, тэлэбиисэргэ көрөн баран, биир бэйэм олус үөрдүм ээ. Эмээхсиммин кытары сүбэлэһэн баран, биэнсийэбититтэн биирдии тыһыынчаны быһа тутан, биэрэргэ быһаардыбыт. Чэ, ол биһиги тыһыынчабыт муораҕа хааппыла да буоллар, саамай кылаабынайа, көмө күүһэ буоллаҕа. Норуот биир киһи курдук турунан, кыһалҕалаах кэмҥэ түмсэрэ, аһыныгас санаатын тиэрдэрэ – дьэ, ол айыы сиэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0