Биир хаа сигарета – 220 солкуобай!

Бөлөххө киир:

2017 – 2018 сылларга табаах акзиһа икки бүк улаатыахтаах. Кэлэр сыга биир паачка сигарета орто сыаната 220 солкуобай буолуон сөбүн туһунан «Известия» хаһыат суруйар.

Бүгүҥҥү туругунан биир тыһыынча сигарета акциһын ставката 1680 солк. тэҥнэһэр. 2017 сылга 2123 солк. диэри үрдээтэҕинэ, биир паачка сигарета 220 солкуобайга тиийиэҕэ.

2014 сыллаахха Россия киин регионнарыгар «Магнат», «Корона», «Прима», Alliance, LD, Glamour, «Оптимум»курдук сигареталар ортотунан 40 солк., онтон 2015 сыллаахха 48солк. атыыланаллара. Онтон «орто кылааска» киирэр Chesterfield, Next, Rothmans сигареталар 2015 сыллаахха 68 солк., онтон Parliament, Marlboro, Kent – 95 солк. атыыланаллара.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0