«Буурҕа быыһынан эһэни көрдүбүт»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бөөлүүн Аллайыаха улууһун Айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ ыраах айантан эргилиннилэр. Кинилэр төрдүө буолан Илин Сибиир муоратыгар буранынан тиийэ сырыттылар. Онон быйыл ахсыс сылын “Үрүҥ эһэ суолунан” (“Медвежий патруль”) Россия WWF бырайыагар кыттан, байҕал маанылаах кыыла ханна баарын, ханан ааспытын суоллаатылар.

Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru


Бу ахсыс сылын кыттар бырайыактарыгар наар биир суолунан сырыттылар. Быһата, чинчийии ыытар былаһаакка курдук суолталанна.

         Буурҕа ортотунан айаннаатыбыт. Онон айан ыарахаттардаах этэ. Муораҕа тиийээт да, 1-2 км. иһинэн үрүҥ эһэ сылдьарын бинокулунан көрбүппүт. Айаммыт ыраах буолан, муораҕа тиийэрбитигэр бензиммит бүппүтэ. Онон бензин куттан баран, ол көрбүт эһэбитин эккирэтэргэ соруммуппут. Ол эрээри, буурҕаттан хаар кытаатан хаалан, суола хайа диэки барбыта олох көстүбэтэҕэ, — диэн кэпсээтэ  бырайыак кыттыылааҕа Иван Рожин.

Онон айанньыттар хонор сирдэригэр төннөргө күһэллибиттэр. Аны онно тиийбиттэрин кэннэ,  доҕор гынан бэйэлэрин кытта илдьибит ыттара  Нордик сүтэн хаалбыт. Сарсыҥҥы киэһэтигэр кэлбэтэҕиттэн ыксаан, ыттарын көрдүүргэ быһаарыммыттар. Эһэ уонна ыт бииргэ сылдьар суолларын көрбүттэр. Хата, Нордик балтараа суукка буолан баран, туох да буолбатаҕын курдук тиийэн кэлбит.

Туруоруммут сыалларын ситиһээри,  түөрт сыллааҕыта Моготоево диэн Саха сирин саамай улахан күөлүгэр тиийэ сылдьан, арҕах булбут сирдэрин көрбүттэр.  

         Бу сылдьан кэтээн көрдөхпүтүнэ, сис үрдүгэр сылдьан эһэ оту сиир эбит. Сааҕын булбуппут, онтуката барыта от. Баҕар, ханна эрэ арҕахтааҕа буолуо диэн булгунньахтары көрө сатаатыбыт даҕаны, тугу да булбатыбыт, — диир бырайыак өссө биир кыттыылааҕа Александр Трофимов.

Бу сырыыларыгар Илин Сибиир муоратыгар бэйэтигэр 30 км. курдугу айаннаабыттар. Этэллэринэн, быйыл муора хаһааҥҥытааҕар даҕаны килэччи тоҥмут үһү. Ханан даҕаны этээстээх дьиэ саҕа көһөҥө муустары көрбөтөхтөр. Туохтааҕар да ордук кырса суола элбээбитин бэлиэтии көрбүттэр. Полярнай мэкчиргэ эмиэ баар эбит. Ол аата, кутуйахтар элбэхтэрин туоһулуур дииллэр. Ону муора кытыытыгар ас баар буолан, көтөр-сүүрэр элбээн эрдэҕэ диэн сабаҕалыыллар.

Бу бырайыакка сыл аайы сылдьар улахан үөрүйэхтээх айанньыт Валерий Слепцов этэринэн, муора маһа туустаах буолан, тимир оһоҕу отторго олус эрэйдээх. Онон сэлээркэнэн оттунан быыһаммыттар.

Ити курдук ыраах айаҥҥа муораҕа тиийэн, дьиэлэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэллилэр. Бу “Үрүҥ эһэ суолунан” айаннарын иниспиэктэрдэр Россияҕа биллэриллибит Экология сылыгар анаабыттара кэрэхсэбиллээх.

Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0