Быйыл тапталын ким көрсүөй?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

=

Хой (кулун тутар 21 күнэ — муус утар 20 күнэ). Сыл саҥатыгар Хой бэлиэлээхтэр киниэхэ саантааччылар болҕомтолорун киинигэр буолуохтара. Төһө даҕаны оннук болҕомтоҕо сырыттар, таптал долгунугар уйдардар, Хой чуумпуга уонна соҕотохсуйууга тардыһыаҕа. Кини хаһан чугас, истиҥ сыһыаҥҥа бэлэм буоларын тулуурдаахтык күүппүт, «эн миэнэҕин» диирин тулуйан кэтэспит киһи Хой олоҕун саамай улахан уонна үйэлээх таптала буолуоҕа.

Оҕус (мууст устар 21 күнэ — ыам ыйын 21 күнэ). Саҥа үүммүт сыл бу бэлиэнэн төрөөбүт дьоҥҥо элбэх билсиһиини бэлэмнээбит. Ордук чуолаан — доҕордуу сыһыаннары. Эрдээх-ойохтоох дьоҥҥо уу-нуурал олох кэлиэҕэ, бэйэ-бэйэҕэ эрэллээх буолуу күүһүрүөҕэ. Оттон олоҕун доҕорун саҥа көрдөнөр киһи, күһүн бүтүүтүн диэки көрсүөн сөп.

Игирэлэр (ыам ыйын 22 күнэ — бэс ыйын 21 күнэ). Бу сылга Игирэлэр олохторо бүтүннүү кэриэтэ дьиэ кэргэннэригэр ананыаҕа — төрөппүттэригэр, кэргэттэригэр бириэмэлэрин, болҕомтолорун уураллара күүһүрүөҕэ. Ол кинилэр олохторо сэргэх, интэриэһинэй буоларыгар дьайыаҕа. Ол онтон Игирэлэр дуоһуйууну ылыахтара.

Араак (бэс ыйын 22 күнэ — от ыйын 22 күнэ). Араак бэлиэлээхтэр үлэлэригэр, карьераларын оҥорууга «оройдорунан түһүөхтэрэ». Инньэ гынан, тус олохторун оҥостууга бириэмэлэрэ тиийиэ суоҕа. Ол эрэн, ыал буолуохтарын эбэтэр баар сыһыаннарын өссө бигэ оҥоруон баҕалаахтар, тус олоххутугар бириэмэ буларга кыһаллыҥ.

Хахай (от ыйын 23 күнэ — атырдьах ыйын 21 күнэ). Бу бэлиэнэн төрөөбүттэр тапталтан дьоллонон-кынаттанан, халлааҥҥа эрэ көтүөхтэрэ суоҕа. Бу сылга кинилэргэ туох барыта кыаллыаҕа. Доҕотторун кытта сыһыаннара бөҕөргүө, дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар да болҕомтолоро тиийиэҕэ. Ыал буолалларыгар, олохторун оҥостоллоругар олус тоҕоостоох кэм кэллэ.

Кыыс (атырдьах ыйын 22 күнэ — балаҕан ыйын 23 күнэ). Кыыс бэлиэлээхтэргэ тус олохторо «оргуйан» олоруоҕа. Маныаха үлэ сөптөөх өттүн таларга мэһэйдиэн сөп — үлэ дуу, тус олох дуу диэн боппуруос тирээтэҕинэ. Ол эрэн, ону быһаарарга тулалыыр дьонуҥ көмөлөһүөхтэрэ, барыта этэҥҥэ буолуоҕа.

Ыйааһын (балаҕан ыйын 24 күнэ — алтынньы 23 күнэ). Эн олоххор ордук туох суолталааҕын быһаарар кэмин тирээн кэлбит. Олорбут олоххун ырытан көрүөҥ — баар сыһыаҥҥын түмүктүөҥ биитэр саҥа сыһыаҥҥа олук ууруоҥ. 2017 сыл бу бэлиэнэн төрөөбүттэргэ таптал баарын итэҕэтиэҕэ уонна сырдык инникини түстүөҕэ.

Скорпион (алтынньы 24 күнэ — сэтинньи 22 күнэ). Скорпионнар бу саҥа үүммүт сылга баар бары билсиһиилэртэн дууһа дуоһуйуутун ылыахтара. Сорунуулаах, ону тэҥэ, романтичнай, көтө-дайа сылдьар туруктаах буолуохтара. Ону тулалыыр дьон өйдөөн көрөн, кини куруук болҕомтоҕо сылдьыаҕа, чугастык билсиһиэн баҕалаах элбиэҕэ.

Охчут (сэтинньи 23 күнэ — ахсынньы 22 күнэ). Бу бэлиэлээхтэргэ 2017 сыл олохторугар сөптөөх өттүн талалларыгар кыах биэриэҕэ. Ордук кимиэхэ интэриэстээххин — ол киһигин талыаҕын. Киниэхэ барыларыттан ордук итэҕэйэр буоллаххына. Эйигин, эн болҕомтоҕун, кыһамньыгын сыаналаабат дьону кытта сибээскин быһарыҥ ордук.

Чубуку (ахсынньы 23 күнэ — тохсунньу 20 күнэ). Чубукулар эмиэ олох оргуйар үөһүгэр сылдьыахтара, ол иһин араас көрсүһүүлэр, саҥа билсиһиилэр элбэх буолуохтара. Ол эрээри, ол үксэ Чубуку олоҕун сүпсүлгэннээх оҥоруоҕа. Ол сүпсүлгэн быыһыгар дьиҥнээх иэйиини, дууһалыын сынньанар-үөрэр киһилэрин көрсүөхтэрэ.

Күрүлгэн (тохсунньу 21 күнэ — олунньу 19 күнэ). Урукку киһитин көрсөн, таптал уота иккистээн күөдьүйүө эрээри, ол соччо уһуо суоҕа. Ону ааһан, хомолтонон солбуллуо. Быстах сыһыантан сэрэхтээх буолуҥ, бэйэҕитин харыстаныҥ.

Балыктар (олунньу 20 күнэ — кулун тутар 20 күнэ). Балыктар айар куттара «таһынан дьалкыҥнаан», ураты эйгэлээх, бэрт интэриэһинэй дьону кытта билсиһиэхтэрэ. Кинилэргэ сонун эйгэ аана арыллан, угуйуоҕа-умсугутуоҕа, ону ааһан, тус олохторугар романтиканы бэлэхтиэҕэ.

Туһанныбыт: godzagodom.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0