Дьөгүөр Барыыһабы салгыы өйүүллэр

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Егор Борисовы өйүүр ис хоһоонноох хаартыскалар дэлэйдилэр.

Прокопий Бубякин, https://edersaas.ru

Араас эйгэ үлэһиттэрэ, уопсастыба араас араҥатын дьоно-сэргэтэ талан ылбыт Ил Дарханнарын  харыстыырга туруннулар. Сиэрэ суох, политическай кырааскалаах кириэтээһини норуот тулуйбата. Норуот көрө-билэ сылдьар — урут былааска олорбут, тугу да күттүөннээҕи оҥорбокко уурайбыт дьон бааллар. Экология миитинигэр кыттыһа түстүлэр, социальнай ситимнэргэ олорустулар. Билигин уруккуларын кирдээх ньыманан төттөрү эргитэ сатыыллара сэрэйиллэр.

Медиктэр, теннисчиттэр,  байыаннайдар…

Ол эрэн,наадалаах кэмҥэ норуот бэйэтэ быһаарыныы ылынар, хараттан үрүҥү арааран ылар үгэстээх. Биһиги ханнык да сибээһэ суох хаартыскалары түмэн көрдүбүт —маннык хартыына таҕыста:

Элбэх оҕолоох аҕа, ырыаһыт Анатолий Бурнашев дьиэ кэргэнэ, «Сахабэчээт» тэрилтэ кылаабынай эрэдээктэрдэрэ, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар уолаттар, Иван Белолюбскай кубогар мустубут күүстээх уолаттар, Мирнэй оройуонун медиктэрэ, тыа оскуолаларын учууталлара, Ньурба улууһун аҕаларын түмсүүтэ, өрөспүүбүлүкэ теннисчиттэрин федерацията, о.д.а. — бары Ил Дархан Егор Борисовы өйөөтүлэр. Бу — баара суоҕа биир төлөпүөн батсаабын бөлөхтөрүгэр кэлбит хаартыскалар. Төһө элбэҕин өссө ким да билбэт.

Өйүүр хамсааһын улааттар-улаатан иһэр чинчилээх.

Прокопий Бубякин, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0