Дьахталларга дойду чөмпүйэнээтэ: сорук ситиһиллибэтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Смоленскай куоракка түмүктэммит дьахталларга көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр 2016 сыллааҕы Олимпийскай оонньуулар боруонса призердара Екатерина Букина, Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Анастасия Братчикова, Европа түһүлгэтин кыайыылааҕа Стальвира Оршуш эмиэ кыайыы көтөллөннүлэр.


Бу түһүлгэҕэ саха тустууга оскуолатын түөрт иитиллээччитэ кытынна: дойдуга бастыыр иһин күрэс кыайыылааҕа, 20-гэр диэри саастаахтарга Европа чөмпүйэнээтин кыттыылааҕа Алина Казымова (59 кг), дойду күрэхтэһиитин призера Ирина Афанасьева (62 кг), Уһук Илиҥҥи уокурук чөмпүйүөннэрэ Александра Карамзина (53 кг) уонна Валерия Сигаева (55 кг). Хомойуох иһин, кыргыттарбыт кинилэргэ туруоруллубут соругу — кырата биир мэтээли ылыыны уонна дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар киириини – кыайан толорботулар.

Роман ПОПОВ

Хаартыска: интэриниэттэн ылылынна.

Дьахталлар ортолоругар көҥүл тустууга Арассыыйа 2018 сыллааҕы чөмпүйэнээтин кыайыылаахтара уонна призердара

50 кг. 1.Анжелика Ветошкина (Санкт-Петербург — Удмуртия). 2. Елена Вострикова (Красноярскай). 3. Мария Тюмерекова (Хакасия), Дарья Лексина (Краснодар).

53 кг. 1. Стальвира Оршуш (Бурятия). 2. Алена Куулар (Кемерово). 3. Екатерина Исакова (Красноярскай), Надежда Третьякова (Кемерово).

55 кг. 1. Любовь Сальникова (Кемерово — Дагестан). 2. Мария Гурова (Москва уобалаһа). 3. Нина Менкенова (Бурятия), Мариня Симонян (Москва — Ростов).

57 кг. 1. Ольга Хорошавцева (Красноярскай). 2. Ирина Ологонова (Бурятия). 3. Александра Андреева (Калиниград), Хадижат Муртузалиева (Дагестан).

59 кг. 1. Вероника Чумикова (Бурятия — Чувашия). 2. Зельфира Садраддинова (Кемерово). 3. Алена Сангадиева (Бурятия), Светлана Липатова (Татарстан).

62 кг. 1. Инна Тражукова (Дагестан — Ульяновскай). 2. Ульяна Тукуренова (Бурятия). 3. Дарья Бобрулько, Татьяна Смоляк (иккиэн — Брянскай уобалас).

65 кг. 1. Мария Кузнецова (Бурятия — Чувашия). 2. Анна Щербакова (Бурятия). 3. Наталья Федосеева (Кемерово), Анжела Фоменко (Москва).

68 кг. 1. Анастасия Братчикова (Москва уобалаһа) 2. Юлия Максимова (Красноярскай). 3. Инна Дохневская (Москва), Ханум Велиева (Красноярскай).

72 кг. 1. Татьяна Колесникова (Москва — Ростов). 2. Алена Перепелкина (Санкт-Петербург). 3. Алена Стародубцева (Красноярскай).

76 кг. 1. Екатерина Букина (Москва — Иркутскай). 2.Ксения Буракова (Красноярскай).3. Дарья Шистерова (Дагестан), Кристина Шумова (Красноярскай).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0