40 тулаайаҕы ииппит ыал («Дьиэ кэргэн» бырайыак)

Бөлөххө киир:

Нам сэлиэнньэтигэр түөрт уонтан тахса сылы быһа тулаайах оҕолору иитэр Клара Иннокентьевна Матвеева олорор. Кини кэргэнэ Николай Николаевиһы кытары 40-ча тулаайах оҕону ылан иитэн, атахтарыгар туруорбуттара. edersaas.ru

Матвеевтар 1989  сыллаахха Арассыыйаҕа бастакылар ахсааннарыгар киирсэн уонна Саха сиригэр бастакынан дьиэ кэргэн иһинэн оҕо дьиэтин тэриммиттэрэ. Кинилэр бэйэлэрэ биир төрөппүт оҕолоохторо, ону тэҥэ 1975 сылтан оҕолору ылан ииппиттэрэ.

Ол саҕана маҥнайгы саҕалааччыларга ыарахана диэн, туох да сокуон, нуорма оҥоhулла, ылынылла илик этэ. Тулаайах уонна тѳрѳппүт кѳрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиини тарҕатыыга Матвеевтар атыттарга холобур ­буолбуттара. Бу хамсааhын судаарыстыба, сокуон өттүттэн ѳйѳбүллээх буоларын туhугар үлэлэспиттэрэ.

Бэрэсидьиэн болҕомтотун хаһыатынан тарпыта

Кини 1991 с. «Сахаада» хаhыакка «Тулаайахтары ким иитиэй?» диэн бырабыыталыстыбаҕа анаан ыҥырыы таhаарбыта. Бу ыҥырыытын бэрэсидьиэн Михаил Николаев бастакынан ѳйѳѳбүтэ. Бэйэтин кабинетыгар ыҥыран, кэпсэтэн, кыһалҕаны ѳйдѳѳн, Оҕо уонна дьиэ кэргэн кэмитиэтигэр, Үрдүкү Сэбиэт тустаах кэмитиэтигэр дьаhаллары ыларга сорудахтаабыта.

2007 сылтан «дьиэ кэргэн тииптээх оҕо дьиэлэрин» статуһун кѳннѳрү «тулаайах уонна тѳрѳппүт кѳрүүтэ суох оҕолору иитэр дьиэ кэргэн» диэн ааттаан уларыппыттара. Бу сыл муус устар 17 күнүгэр Нам улууһугар тулаайах уонна тѳрѳппүт кѳрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэр дьиэ кэргэттэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ. Ассоциацияҕа 12 дьиэ кэргэн түмсэн, бу сыллар тухары элбэх ѳрүттээх, кѳдьүүстээх үлэни ыытан кэллилэр.

Быйыл сэтинньигэ ассоциация 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээhин үрдүк таhымнаахтык буолан ааста. Ассоциация бэрэссэдээтэлэ Матрена Сивцева уонна улуустааҕы эппиэкэ отдела кѳҕүлээбит­тэрэ. Үөрүүлээх чаас, кэнсиэр кэнниттэн үлэ түмүгүн кэпсэтэр, сүбэ-ама ылар, инники былааны торумнуур сыаллаах «тѳгүрүк остуол» буолбута. «Дети Саха-Азии” фонда салайааччыта Ольга Андросова, улуус баhылыгын солбуйааччы Инна Сивцева, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо иитэр дьиэ кэргэттэр ассоциацияларын салайааччы Надежда Корякина кыттыбыттара.

«Күнүүлээн» хат буолуу

Клара 1970 с. Нам педучилищетыгар үөрэнэ сылдьан, олоҕун аргыһа Коляны көрсүбүтэ. Уол Омскайга физкультурнай институкка үөрэнэрэ. Саҥа дьылга табаарыстарыгар күүлэйдии кэлэн баран, Клараны таба көрбүтэ. Холбоһон баран, Нам, Анаабыр оскуолаларыгар иккиэн учууталлаабыттара. Ол тухары, уонча сылы быһа, кыайан оҕоломмотохторо. Кыыс 17-лээҕэр муҥура тэстэн, өлө сыспыттааҕа. Ол ыарахан эпэрээссийэтин содула төрүүр уорганнарыгар бэриллэн, оҕо үөскээбэт этэ.

Олох суола барыта күөх отунан тэлгэнэн сыппат. Очура-чочура элбэх буоллаҕа… “Оҕо үөскээбэт”, “эн буруйдааххын” диэн киҥир-хаҥыр саҥарсыы, санаа оонньооһуна да ханна барыай? Сотору кэминэн кэргэнэ, оҕолонор баҕаттан, арахсан атын дьахтарга барбыта. Анараа дьахтара оҕоломмутун да үрдүнэн, “таптыырым бэрт” диэн кэлэ турара.

Онтон, арай туран, ол кэмҥэ Клара эмиэ ыарахан буолан хаалар. Билэр дьоно соһу­йан: “күнүүлээн хат буолбуккун” дииллэр. Оттон кэргэнэ үөрүүтүттэн хайдах да буолуон билбэт. Эмиэ холбоһон, салгыы бииргэ олорон бараллар. Анараа дьахтара оҕотун көрбөккө, быраҕан барбытыгар, Николай бэ­йэтигэр ылбыта.

Ийэ-аҕа тапталын биэрии

— Таҥара оҕолонуон баҕарар дьоҥҥо ­биэрбэт, оттон оҕоҕо наадыйбат, арыгыһыт дьахталлар сыл аайы оҕолоно-оҕолоно быраҕаллар диэн уруккуттан да кыһыйар этибит. Саатар маннык быраҕыллыбыт оҕолору ылан, ийэ-аҕа тапталын биэриэххэ, дьоллуохха диэн санааттан, тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэ ылбыппыт.

Былааннаабатахпыт да үрдүнэн, хайдах эрэ оҕолор бэйэлэрэ кэлэн испит­тэрэ. Оннооҕор оскуолаҕа “эһиэхэ оҕо буолабыт” диэн кэлэр оҕолор бааллара. Таҥара тулаайах оҕолору көрдүн диэн, баҕар, маннык дьылҕаны анаабыта буолуо. Киһи бу олоххо туохха эрэ ананан кэлэр, туохха эрэ сыһыаннаах, тартарыылаах буолар ээ. Олоҕун ­суолун таба тайаммыт, аналын толорбут киһи, ол — дьоллоох. Бэйэм тулаайах оҕолорго олохпун анаабыт буоламмын, дьоллоохпун дэнэбин.

Николай Николаевич уолаттарын булка, балыкка батыһыннара сылдьара.

“Саамай сүрүнэ — оҕону таптыахха наада”

Кэргэним Николай 5 сыллааҕыта суох буолбута. Оҕолору наһаа таптыыра. Ханнык баҕарар оҕону кытары биир тылы булара, физкультурник буолан, ураты ньымалааҕа. Киниэхэ “бэрээдэгэ суох, ыарахан оҕо” диэн өйдөбүл суоҕа. Араас дьылҕалаах, ыарахан олохтоох, ыарыһах, уйулҕаларыгар охсуулаах, улаатан эрэр оҕолор эмиэ кэлэллэрэ. Барыларын кытары уопсай тылы булан, анаан эрчийэн, хайдахтаах да ыарыһах оҕолор доруобуйаларын көннөрөрө. Спорка, тиэхиньикэҕэ олус сыһыаннааҕа, уолаттарын батыһыннара сылдьан үөрэтэрэ. Ол иһин оҕолор билигин барытын сатыыллар, ханнык да үлэттэн толлубаттар. Нуучча, эбээн оҕолоро кэлэн, бэйэлэрэ бэрт түргэнник сахалыы саҥаран бараллара, — диэн кэпсиир кини.

Матвеевтар бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, сүөһү, көтөр ииттэн, оҕолорун батыһыннара сылдьан үлэнэн ииппиттэрэ. Ийэлэрэ иистэнэр, быысыбайдыыр, баайар буолан, кыргыттарын уһуйбута.

— Киһи үлэнэн киһи буолар. Оҕо олоххо бэлэмнээх буоларыгар, бэйэтин көрүнэригэр, харчы хантан кэлэрин билэрин туһугар, үлэлии үөрэниэхтээх. Үлэҕэ күһэйэн буолбакка, бэйэ холобурунан үөрэтэҕин. Үлэни таптыыргын көрөн, оҕолор бэйэлэрэ тардыһан бараллар. Оннук усулуобуйаны оҥоруохха эрэ наада.

Саамай сүрүнэ, оҕону таптыахха наада. Оҕо сүрэҕэ таптыыргын, албынныыргын чугастык ылынар. Оҕо таптатыан, төрөппүтүгэр хайдах баарынан наадалаах буолуон баҕарар. Сороҕор “хамнас эрэ туһугар оҕолору ылан иитэллэр” диэн этэр дьон баар буолааччылар. Онуоха оҕону таптаабакка, үлэҕэ курдук сыһыаннастахха, истиҥ сыһыан, дьиэ кэргэн сылаас эйгэтэ үөскээбэт буоллаҕа. Төһө да педагогика, психология төрүттэрин биллэрбит, биһиги сүрэхпит хайдах этэринэн ииппиппит.

“Эйигинниин эрэ дьолу билбитим…”

Николай Николаевич тиһэх күнүгэр иккиэйэх ­хаалан истиҥник да кэпсэппиттэрэ, эдэр саастарын санаан, ыллаан ылбыттара. Тоҕо эрэ аһыллан: “Мин эйигинниин эрэ олорон дьол диэни билбитим. Бу сиргэ саамай үчүгэй дьахтаргын”, — диэбитэ. Ол түүнүгэр соһуччу олохтон туораабыта…

Клара Иннокентьевна билигин оҕолорун, сүүрбэттэн тахса сиэннэрин тапталларыгар сууланан олорор. Оҕолоро оскуоланы бүтэрдэллэр даҕаны, үөрэхтэнэн, ­дьиэлэнэн, ыал буолан, атахтарыгар ту­руохтарыгар диэри төрөппүттэриттэн ханна барыахтарай? Билигин үксүн Нам нэһилиэктэринэн, Дьокуускайга тарҕанан олороллор. Саҥа дьылга ийэлэригэр алта уонча буолан, дьиэҕэ баппат киһи мустар. Сыл аайы кийиит, күтүөт, сиэн эбиллэн иһэр.

Аҕалара оҕо доруобуйатын көннөрөр ньымаларыттан биирдэстэрэ.

— Сиэн оҕоҕунааҕар өссө минньигэс дииллэрэ кырдьык эбит. Эбээ буолар наһаа үчүгэй! Сиэннэрим ситиһиилэриттэн дьоллонон олоробун. Оҕолорум бэйэлэрин оҕолорун сөпкө иитэллэригэр мин кылаатым эмиэ баар диэн үөрэбин эрэ. Биир сиэним Японияҕа үөрэнэ сылдьар. Атыттар да спорка, үөрэххэ кэккэ ситиһиилэрдээхтэр. Устудьуоннууллар, сотору хос эбээ буоларым чугаһаата. Билигин икки оҕом оскуолаҕа үөрэнэр, кинилэри атахтарыгар туруордарбын диэн дьүккүөрдээхпин, — диэн этэр 40 тулаайах оҕоҕо ийэ тапталын биэрбит, олоххо суолларын булалларыгар көмөлөспүт хоһуун дьахтар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Эбэн эттэххэ

Клара Матвеева тулаайах оҕолору иитиигэ үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта.

“ЫБСЛКС социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа” бэлиэнэн, Арассыыйа Дьахталларын сойууһун мэтээлинэн, СӨ Ийэҕэ үрдүкү махтал бэлиэтинэн, Патриарх Алексий II «Святой Благоверный царевич Дмитрий, Московский и Угличский чудотворец» уордьанынан, РФ Бочуот уордьанынан, “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаламмыта. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Өксөкүлээх аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, РФ бэрэсидьиэнин бириэмийэтин лауреата, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо. 2012 с. Матвеевтар “Оҕо фондаларын норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциацияларын” аан дойдутааҕы бириэмийэлэрин лауреатынан буолбуттара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0