Дьохсоҕоҥҥо Саҥа дьыл ураты тыына илгийдэ

Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэ улуу дьон төрөөн-үөскээн ааспыт ытык сирэ. Ол иһин, манна өрүү ураты тыын илгийэр.


Петр Егорович Захаров баһылыктаах нэһилиэк Саҥа дьылы өрө көтөҕүллүүлээхтик, ньиргиччи бэлиэтиирдии оҥостор. Дьохсоннорго үүнэр 2018 сылы баһылык Олоҥхо сылынан биллэрдэ.

Бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыан, мындыр өйүнэн салайыныы, уһуну-киэҥи толкуйдаан олоруу, киэҥ көҕүстээх буолуу, сиэрдээх быһыы, өбүгэ үтүө үгэһин харыстааһын, куту-сүрү бөҕөргөтүү, чэгиэн буолуу, өй-санаа чөл туруктаныытын ситиһии, үтүөнү үксэтэн үйэлээҕи элбэтии, төрүт дьарыкка ытарчалыы хам ылсыһыы, олох дьиҥ суолтатын дириҥ хорутуулаахтык өйдөөһүн, тупсаҕайдык туттан киһи быһыытын чиэстээхтик тутан олоруу бу барыта олоҥхо ис тутула. Биһиги ону кэскилбитигэр, кэнчээри ыччаппытыгар сатабыллаахтык тиэрдэргэ, ыччат дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэрэргэ дьулуһабыт. Бу бэлиэ сылы уруйдуу-айхаллыы көрсөрбүтүгэр анаан нэһилиэкпит олохтооҕо, уран тарбахтаах Николай Иванович Дорбохов хаартан  оҥоһуктары хайдахтаах кыһаллан, чочуйан таһаарбытын көрбүт эрэ сөҕүө, хайгыа, — диэтэ баһылык.

Онон саха омук үөрэҕин чыпчаалын – олоҥхону дьохсоҕоттор өрө тутан, үүнүү-сайдыы кирилиэһин эрэллээхтик дабайыахтара.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0