«Дохсун» тутар этэрээт Орто Халымаҕа күүс-көмө буола сылдьар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын бүтүүтэ Орто Халыма улууһугар Халыма-Березовка үрэх уута эбиллэн, Березовка бөһүөлэк ууга барбыта. Ол курдук, уопсайа 18 олорор дьиэ, 4 хонтуора, 297 киһиттэн 112 оҕо ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэстилэр. Дьон-сэргэ түбүгэ кээмэйэ суох буолла. От ыйын 1 күнүттэн саҕалаан, 20 уоллаах «Дохсун» устудьуоннар тутар этэрээтэ көмөҕө тиийэн үлэлии сылдьар. Билигин кинилэр олорор дьиэлэри, оскуоланы, оҕо саадын уонна сынньалаҥ кииҥин чөлүгэр түһэрэ сылдьаллар. edersaas.ru 

Николай Попов «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0