«Дыгын оонньууларын» бастакы күнэ (ВИДЕО, ФОТО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха многоборьетын сайыҥҥы сүрүн түһүлгэтин бастакы түһүмэхтэрэ бэс ыйын 24 күнүгэр буоллулар — Үс төгүл үс, тутум эргиир уонна мас тардыһыы. edersaas.ru

Үс төгүл үс

Үс төгүл үс көрүҥҥэ Егор Филиппов (Хаҥалас) бастыҥ көрдөрүүлээх — 37.05 м ыстанна. Иккис — Леонид Филиппов (Амма) 34.14 м., үһүс — Николай Матаннанов (Таатта) 33.06 м.

Тутум эргиир

Манна Алексей Иванов (Үөһээ Бүлүү) 60 эргийэн бастаата. Петр Старостин (Чурапчы) 58 эргийэн иккис миэстэ буолла. Артем Варданян (Нам) 55 эргийэн үһүстээтэ.

Мас тардыһыы

Мас тардыһыытыгар бастакы миэстэҕэ Алексей Козлов (Усуйаана), иккис — Иннокентий Миронов (Өлүөхүмэ), үһүс — Дьулустаан Ноговицын (Горнай).


Бастакы күн түмүгэ

1 м. — Егор Филиппов (Хаҥалас), Артем Варданян (Нам) — 14 очколаахтар;

2 м. — Алексей Козлов (Усуйаана) — 16 очколаах;

3 м. — Петр Старостин (Чурапчы) — 17 очколаах;

4 м. — Леонид Филиппов (Амма), Иннокентий Миронов (Өлүөхүмэ), Николай Матаннанов (Таатта) — 18 очколаахтар;

5 м. — Антон Тойтонов (Нам) — 19 очколаах;

6 м. — Дьулустаан Ноговицын (Горнай) — 21 очколаах;

7 м. — Алексей Иванов (Үөһээ Бүлүү) — 22 очколаах;

8 м. — Алексей Кутуков (Нам) — 28 очколаах;

9 м. — Иван Белолюбскай (Уус Алдан) — 29 очколаах.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0