«2017 сыл ыччатыгар» диэн «кэм капсулатын» алтынньы 7 күнүгэр хостуохтара

Бөлөххө киир:

Социальнай ситим устун 50 сыл анараа өттүгэр 2 миэтэрэ дириҥнээх сиргэ кичэллэн ууруллубут «Эдэр көлүөнэҕэ – 2017 сылга» диэн «кэм капсулатын» арыйбыттар үһү диэн тарҕаттылар. Өссө суругу хаартыскаҕа түһэрэн ыыттылар.
Бу туһунан Таатта улууһун Победа нэһилиэгин баһылыга Петр Захаровтан ыйыппыппытыгар: «Ити сымыйа сурах. Дьиҥэр, балаҕан ыйын 30 күнүгэр хостуохтаах этибит эрээри, халлаан туруга мөлтөҕүнэн, алтынньы 7 күнүгэр диэн быһаарбыппыт. Аҕыйах күн хаалла.
Оттон ити хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыт суруктара эмиэ сымыйа. Итиннэ туох суруллан сытарын бу диэн чуолкай билбэппит эрээри, нэһилиэкпит историятын туһунан сурук сытарын быһа барыллаан эрэ билэбит», – диэн кэпсээтэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0