Эдэр ыаллары дьиэлииргэ федеральнай үп көрүлүннэ

Бөлөххө киир:

Саха сирэ эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыыга 361 мөлүйүөн солкуобай суумалаах федеральнай субсидияны ылыаҕа. РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев тохсунньу 21 күнүгэр регионнарга 4,234 миллиард солкуобайы бу сыалга биэрэр туһунан дьаһалга илии баттаата.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru.ru

Горнай эдэр ыалыгар дьоллоох түгэн тосхойдо.

Саамай улахан сууманы Карачаево-Черкесия (392 мөл. солк.), Саха сирэ (361 мөл. солк.), Курганскай уобалас (267 мөл. солк.) ылыахтара. Субсидия «Жилище» федеральнай бырагыраама “Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” хос бырагырааматын чэрчитинэн бэриллиэҕэ.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бу хос бырагыраамаҕа эбии 250 мөл. солк., муниципальнай тэриллиилэртэн 210,6 мөл. солк. көрүллэр.
Субсидия 35 сааһын туола илик (кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ буолуон сөп), олорор дьиэҕэ наадыйар уонна кирэдьиити төлүүр кыахтаах эдэр ыал дьиэ атыылаһарыгар, эбэтэр туттарыгар анаан бэриллэр. Оҕолоох ыалларга дьиэ сыанатын 35%-нын, оҕото суохтарга 30%-нын төлүүллэр.
Тутуу министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, былырыын 350 эдэр ыал бу хос бырагырааманан саҥа дьиэлэнэн, малааһын үөрүүтүн билбиттэрэ. Оттон быйыл, ааҕан-суоттаан көрдөххө, барыта 950 кэриҥэ дьиэ кэргэн бу субсидияҕа тиксиэн сөп.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0