Эйэлээх эйгэни төрүттүөххэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар эйгэҕэ ил-эйэ баар буоллаҕына, барыта санаа хоту табыллар, сатанар. Эйэлээх эйгэни төрүттүүргэ бүттүүн баҕаран туран ылыстахпытына, кыаллыан сөп. Ай­даантан, бэрт былдьасыһыыттан тэрилтэҕэ үлэ-хамнас харгыстанар.

edersaas.ru

Бары даҕаны араас дьылҕалаах, көрүүлээх ыалга иитиллибит дьон тэрилтэҕэ үлэлиибит. Үксүбүт үөрэхтээх курдукпут эрээри, уйулҕа үөрэҕин, этика, эстетика биридимиэттэригэр үөрэммиппитин да иһин тоҕо эрэ күннээҕи олохпутугар туһаммаппыт. Били, “бөрөнү аһаппытыҥ да иһин, син биир ойуур диэки көрөр” диэн өс хоһоонугар иэҕиллэр курдукпут. Биллэн турар, хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибиккиттэн, укулаатыҥ хайдах ууруллубутуттан эмиэ улахан тутулуктаах.

Тэрилтэҕэ бэйэ икки ардыгар өйдөспөт быһыы таҕыстаҕына тутатына үрдүкү салалтаҕа быһаартара тиийэр, үҥсэр сыыһа. Кыаллыбатаҕына биирдэ быһаартарыахха сөп, ону даҕаны сүбэ-ама ылар курдук. Маныаха уйулҕа үөрэхтээхтэрэ ил-эйэ түстэнэригэр үлэлэһиэхтээхтэр. Буолуох буолбутун кэннэ хамсаммат инниттэн, сэрэтэр үлэ тиһигин быспакка ыытыллыахтаах. Билигин үҥсүүнэн-харсыынан анаан дьарыктанар дьон үксээтэ. Быраабы өрө тутар кэрэгэй, эбээһинэһи билэр ордук көдьүүһү аҕалыа этэ.

Учуутал, иитээччи статуһа үрдүү илигинэ, дойдубут туллар тутааҕа, укулаата салгыы түөрэҥкэйдэнэн бара туруоҕа. Ол инниттэн үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр бэйэ бодотун тардыныы, сиэрдээх буолуу ирдэбилэ турар. Итэҕэһи бэйэбититтэн көрдөөтөхпүтүнэ, бэйэбитин кыайдахпытына, барыта кыаллар кыахтаах.

«Саха сирэ» хаһыакка анаан Петр ФЕДОРОВ,

Дьокуускай куорат 71-с нүөмэрдээх уһуйаанын сэбиэдиссэйэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0