Элбэх оҕолоохторго туох көмө оҥоһуллар?

Бөлөххө киир:

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсааныгар үс оҕолоох ыалтан саҕалаан киирэллэр. Ол гынан баран, элбэх оҕону көрүү-истии, атаҕар туруоруу, улаатыннарыы сыанан аҕаабат. Судаарыстыба демографическай бэлиитикэни сайыннарыыга үгүс болҕомтотун уурар. Ол эрэн аадырыстаммыт көмө кэмигэр оҥоһуллубата эмиэ баар. Эбиитин докумуону толотторууга үгүс бириэмэ баран, ылыахтаах көмөлөрүнэн элбэх оҕолоох ыал туһаммакка хаалар. Бүгүн элбэх оҕолоохторго туох көмө оҥоһуллар?

  • Сыл ахсын оскуолаҕа кэтэр итиэннэ спортивнай форманы атыылаһыыга 2936 солк.;
  • Уонтан тахса оҕолоох ыаллар тырааныспар атыылаһалларыгар биир кэмнээх көмө – 571320 солк.;
  • Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ тутталларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар биир кэмнээх социальнай көмө ( 1 945 516 – 2 779 308 солк., дьиэ кэргэн ахсааныттан тутулуктаах);
  • Үс игирэ уонна онтон элбэх оҕону тэҥинэн төрөппүт элбэх оҕолоох ыал олорор усулуобуйатын тупсарынарыгар 1000 000 – 3 000 000 солк. Төлөбүр дьиэ кэргэн ахсааныттан тутулуктаах;
  • «Герой ийэ» уордьаннаах үлэлээбэт ийэлэр өрөспүүбүлүкэ иһигэр салгын тырааныспарынан айанныылларыгар босхо айан;
  • Босхо учаастак.

index-8-6

Хаартыскаҕа: элбэх оҕону ииттибит Уус-Алдан улууһуттан сылдьар Саина уонна Сергей Григорьевтар.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0