Халаан содулун туоратыы: Уус Маайаҕа икки этэрээт барда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, от ыйын 7 күнүгэр, Уус Маайа улууһун Күп уонна Эдьээн нэһилиэктэригэр халаан содулун туоратар үлэҕэ көмөлөһө устудьуоннар тутар этэрээттэрэ айаннаата.

Кинилэри Дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтин министиэристибэтин салалтата итиэннэ устудьуоннар тутар этэрээттэрин ыстааба атаардылар. Санатан эттэххэ, быйыл халаан 13 улууска улахан хоромньуну оҥорон ааста. Кылгас сайыҥҥы кэми өрүсүһэн, чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ көмөлөһө 12 улуус 31 нэһилиэгэр барыта 465 байыастаах устудьуоннар тутар этэрээттэрэ тиийэн, үлэлии-хамныы сылдьар.

Иван Луцкан, дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтин миниистирэ: 

— Халаан содулун туоратыы боппуруостарыгар анаммыт мунньахха Ил Дархан э.т. Айсен Николаев Уус Маайаны уонна Халыма эҥэр улуустары хонтуруолга ыларга, онно устудьуоннары көмөҕө ыытарга дьаһайбыта. Онон, бүгүн Уус Маайа улууһугар икки этэрээти ыыттыбыт. Оҕолор эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһүөхтэрэ, туруоруммут сыалларын толорон кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Орто Халыма Сыбаатайыгар билигин да уу түһэ илик, онон ити эҥэр тутар этэрээти кэлэр нэдиэлэттэн ыытыахпыт.

Таня Алексеева, «Центурион» этэрээт хамандьыыра:

— Мин ХИФУ Автодорожнай факультетын иккис кууруһугар үөрэнэбин. Биһиги этэрээппит уон байыастаах, ол иһигэр сэттэ уол, үс кыыс баар. Эдьээн нэһилиэгин олохтоохторугар чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ көмөлөһүөхпүт. Итиэннэ сири-дойдуну көрөн, бэйэ-бэйэбитин кытта ыкса билсэн, доҕордоһон кэлиэхпит.

Евдокия Слепцова, «Саха сирэ», edersaas.ru сайт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0