«Ферма кыргыттара» реалити-шоу Тааттаҕа саҕаланна!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Саха» телевидениетын Тааттатааҕы филиалын суруналыыстара Чөркөөххө «Ферма кыргыттара» диэн реалити-шоуну устан саҕалаатылар. Уон хонук устата биэс кыыс үлэнэн күрэхтэһиигэ кыттыахтара. Бастакы күн титииккэ тахсан торбостору аһаттылар, ынах ыатылар, ходуһаҕа тахсан илиинэн мунньан бугуллаатылар, быа хаттылар, оҕуруот сыыс отун, балык ыраастаатылар. Быһата, тыаҕа бэйэ дьыалатынан, хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы кыалларын дакаастыахтара. Кыттааччылар Чурапчыттан, Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан кэлбиттэр. 

Шоу түмүгэ аны күһүн «Саха» НКИК ханаалыгар көстүөҕэ. Кыайыылаах кыыс сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0