«Восточнайтан» аракыата көтөрө икки хонук хаалла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 28 күнүгэр «Восточнай» космодромтан ыытыллар «Метеор-М» аргыстаах «Союз-2.1б» аракыата тобоҕо Бүлүү улууһун Үгүлээт сэлиэнньэтин сиригэр  түһэрэ күүтүллэр.

«Нэһилиэнньэ аракыата түһэригэр бэлэм, туох да уолуйуу, айманыы суох. «Роскосмос» тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Айылҕа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Семен Яковлев нэһилиэнньэни кытта көрсүһүөхтээхтэр, олохтоохтор ыйытыктарыгар хоруйдуохтаахтар. Көрдүүр уонна быыһыыр биригээдэ тэриллибитэ, суһаллык үлэлииргэ бэлэмнэр», — диир Үгүлээт нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы  Виктор Федоров.  

Сэтинньи 28, 29, 30 күннэригэр Тылгыны, Сургулуук, Үгүлээт  булчуттара, сылгыһыттара тыаҕа тахсыбатыннар диэн биллэрэллэр.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0